даҕ. Үрүҥ дьүһүннээх, хаар өҥө өҥнөөх. ☉ Белый
Маҥан ат. Маҥан куобах. Маҥан баата. Ол кэмҥэ Баатара үрэҕэ маҥан хаар суорҕаннаах сытара. Күннүк Уурастыырап
Түннүк маҥан сабыыта аһыллыбыта, Швецов сирэйэ былтас гыммыта. Н. Якутскай
Маҥан өҥ — нейтральнай, үксүгэр ол-бу хос өйдөбүлэ суох дьиҥнээх өҥү ааттыырга эрэ туттуллар. ФЕВ ДьС
◊ Аас маҥан — атын булкааһа суох саһарымтыйан көстөр үрүҥ дьүһүннээх (сылгы дьүһүнүн эбэтэр киһи баттаҕын өҥүн этэргэ). ☉ Белый с желтоватым оттенком, изжелта-белый, молочно-белый (о масти лошади или волосах человека)
Үс саллаат дыбарыас ааныгар биир аас маҥан баттахтаах ытык мааны оҕонньору үс өттүттэн үҥүүнэн дьөлүтэ түһэннэр …… хаанын саккыраттылар. П. Ойуунускай
Суол тоҕонох курдук тоҕойугар, Айаннаан иһэн аараабыт, Аас маҥан баттахтаах Аарыма кырдьаҕас …… Сүөргүлүү көрбүтэ сылайбыт бэйэбин. С. Данилов
Кэҥэриитин, кулгааҕын иһэ араҕастыҥы түүлээх, сиһин ороҕунан, хо ҥ хочоҕу н ү р д ү н эн уо нна сүһүөхтэригэр, тыстарын ньургунугар араҕас түүлэрдээх буоллаҕына, аас маҥан эбэтэр үүт кэрэ сылгы диэн этиллэр. Сылгыһыт с. Аламай маҥан күн көр аламай. Ыраас халлааҥҥа аламай маҥан күн тахсара буолуо эбээт, ханна эмэ ыраах, үтүө киһилээхсүөһүлээх дойдуга. Н. Неустроев
Сааскы аламай маҥан күн, бадаҕа, Маннык санааны санаммыт курдуга: «Мин хоту кыраайга хойутаан кэлэммин, Кэрэ саас кэлэрин бытаарпыт эбиппин». Эллэй
Кылбаа маҥан көр кылбаа. Туймаада хочото кылбаа маҥан хаарынан бүрүллэн килэһийэн сытар. Н. Якутскай
Хара тыа уонна таас хайалар үрдүк арҕастара кылбаа маҥан хаарынан бүрүлүннүлэр. А. Кривошапкин (тылб.). Кылбар маҥан халлаан — олус ыраас, биир да кыырпах былыта суох халлаан. ☉ Чистое безоблачное небо
Былыта суох ыраас, кылбар маҥан халлааҥҥа сүллэр этиҥ ньиргийэн, кутаа уот таҥнары сардырҕаабытын курдук, бар дьон бэркэ соһуйан, …… бука барылара, туох эрэ алдьархайтан куттаммыт курдук. П. Ойуунускай. Сылбараҥ маҥан — дэхси, ньылҕаархай, хастаммыт тиит курдук үрүҥ өҥнөөх. ☉ Гладкий, белый, словно очищенная от коры лиственница
Сылбараҥ маҥан былаайах. Хастаабыт тиит курдук сылбараҥ маҥан харылаах. ПЭК СЯЯ. Хаар (куба, муус, туус) маҥан — туох да булкааһа суох үрүҥ д ьүһүннээх, хаар (куба, му ус, туус) өҥө өҥнөөх. ☉ Белоснежный, белый как снег, ослепительно белый
Оҕо, ийэтин курдук, сап-саһархай баттахтаах, куба маҥан эттээх …… кыараҕас харахтаах. Н. Якутскай
Хаар маҥан баттахтаах оҕонньор кыдама оҥосто олорор. С. Д анилов. Кубалыы субуһан, соҕуруу туһаайан хаар маҥан былыттар Намыһан бардылар. А. Абаҕыыныскай
Туус маҥан борохуот туртаҥныыр — Лиэнэҕэ. Т. Сметанин. Хатыр (чыҥкыл) маҥан — олох булкааһа суох үрүҥ дьүһүннээх (сылгы өҥүн этэргэ). ☉ Молочнобелый (о масти лошади)
Былыр сахалар хатыр маҥан б и э н э н к уһ аҕан тыыннарга [абааһыларга] сиэртибэ биэрэллэрэ, сүктэр кыыска энньэ быһыытынан маннык дьүһүннээх биэлэри биэрбэт этилэр. Саха сэһ. I. Чыҥкыл маҥан с ы лгы …… туйаҕа кытары дьэҥкир буолар. Сылгыһыт с. Чуоҕур маҥан — ононманан харааран көстөр сирдэрдээх, бэйэтэ маҥан дьүһүннээх (сылгы өҥүн этэргэ). ☉ Белый с тёмными пятнами (о масти лошади). Сүүс сылгыттан биир эмэ чуоҕур маҥан сылгыны булуохха сөп, ол курдук сэдэхтик көстөр өҥ. Тыллаахөстөөх Чоочугур Чуоҕур м а ҥ а н атын аҕаланнар баайдылар. Саха фольк. Утар. хара
ср. тув. маҥган ‘белый-пребелый, совершенно белый’, монг. маҥхан ‘светлоголовый’