смола || смоляной; бэс сымалата сосновая смола; хара сымала чёрная смола; сымала завода смоляной завод # сымала курдук киһи навязчивый, привязчивый человек.
Якутский → Русский
сымала
Якутский → Якутский
сымала
аат. Мутукчалаах мастар салгыҥҥа тахсан хойдон кытаатар сытыы сыттаах, сыстаҥнас сүмэһиннэрэ. ☉ Смола
Оҕо сылдьаммын ити бааһы тиит бэйэтин сымалатынан саба оҕунуохтуур буоларым. Софр. Данилов
Бэрдьигэс мастардаах кэрии тыа биһигини сымала сытынан көрсөр. С. Тарасов
Тииттэргэ сэнэрээт оскуолката тоҕута көппүт баастарыттан, симэһиннээх харах уутун курдук, араҕас сымала бычалыйа түстэ. Т. Сметанин
♦ Сымала курдук киһи — тугунан эмэ сылтанан, баайсан киһиттэн арахпат, батыһа сылдьар киһи. ☉ Навязчивый, прилипчивый человек. Ити оҕонньор сымала курдук киһи — олох батыһа сылдьааччы. Сымала кырбаһа эргэр. — дьиккэр, сидьиҥ киһи. ☉ Мерзавец, негодяй
Биһиги дойдуга сымала кырбаһа баай оҕонньоттор эһэ баһа буолан олороннор, дойду-сир үөһүгэр сир бастыҥын, ходуһа өҥүн-өлгөмүн апчарыйан баай гынан олорор этилэр. Күндэ
Еще переводы: