Якутские буквы:

Якутский → Русский

сындалҕан

утомительность || утомительный (обычно о поездке); сындалҕан айан утомительная езда.

Якутский → Якутский

сындалҕан

аат. Баранан быстыбат үлэ, эрэй сылаата, сындалыйыы. Усталость, утомление (напр., от длительной езды)
Көхсө сааллан, дьагдьайан, суол сындалҕанын умнаары уонна ирээри, Иһиччит Байаҕантай көхсүн иһигэр киҥир-хаҥыр ыллыы истэ. Болот Боотур
[Кыргыттар] эмиэ атын сэрииһиттэр курдук, бэйэлэрин сындалҕаннарын оонньуунан-күлүүнэн аһарар үгэстээх этилэр. Эрилик Эристиин
Айан мүччүргэнэ, айан сындалҕана Эн мичээргинэн доҕуһуолланара. В. Миронов


Еще переводы:

көх-нэм

көх-нэм (Якутский → Якутский)

  1. аат. Өрө көтөҕүллүү, үлүһүйүү. Энтузиазм, подъем
    Баара дьулуур, көх-нэм даҕаны, Баара араас хааччах, кыһалҕа. Баал Хабырыыс
    [Эдэр сааспар элбэх этэ] Сырыы-айан сындалҕана, Сырдык таптал ахтылҕана, Үөрэх, үлэ көҕө-нэмэ Үлүһүппүт умсулҕана. М. Хара
    Маннык көҕү-нэми иккиһин саҕалыыр уустук буолааччы. [Ол иһин Ангелина Ивановна] лабораторията атын хосторун эмиэ көҕүлүү түһээри ойон тураат, көрүдүөр устун тибигирэйэ турар. В. Гаврильева
    Сэргэхсийии, уопсай хамсааһын, туохха эрэ дьулуһуу (дьону кытта). Общее оживление, заинтересованное, увлеченное занятие чем-л., активное движение
    Бу көх-нэм саҕана быар куустан олорорбун сөбүлээбэтим бэрт. И. Никифоров
    Тэтим даҕаны, көх-нэм даҕаны баар дьоно диэтэҕиҥ. В. Яковлев
    Олордуо баара дуо эгэ оҕо саас кэрэ чуор кэмэ, Оонньуу, көр-нар түбүгэ, От үлэтин көҕө-нэмэ! М. Хара
  2. даҕ. суолт. Көхтөөх, күө-дьаа, сэргэх. Живой, деятельный, энергичный
    Финансовай техникум кыргыттара көхнэм бөҕө дьон эбит. Э. Соколов
    Күлэсала көх-нэм билсиһии буолта. П. Аввакумов
    Пионердарым бэйэлэрэ эмиэ, сыылба да киһини хамсатыах курдук, көх-нэм, көр-нар, сытыы-хотуу, элэгэлдьигэс дьон. «ХС»
    Көх-нэм буол — 1) күө-дьаа буолан сэҥээрэн, сөбүлэһэн кэпсэтиини көҕүлээ. Активно, заинтересованно поддерживать разговор, беседу
    Киһи кэпсээнин сатаан истэр, көх-нэм буолан тэбиэһирдэн биэрэр туспа идэлээх дьон баар буолааччылар. Сэмээр Баһылай
    Биирдэрэ кэпсээн бүтээтин кытта, иккис киһи салгыыр, онтон үһүстэрэ иилэ хабан ылар, хардары-таары көх-нэм буолан, кэпсэтиини күөртээн иһэллэр. ВНГ ГОПХ
    Чириков ханнык да кэпсэтиигэ барытыгар көрүдьүөстүк, эйэҕэстик көх-нэм буолан испитэ. Л. Толстой (тылб.); 2) ким, туох эмэ туһугар дууһаҕынан кыһалын, өйөө, «ыарый». Сильно, остро переживать за кого-что-л. (напр., за больного), «болеть» за когочто-л. (напр., за любимую спортивную команду)
    Атыттар «ыалдьааччы» оруолун толорон, оонньууларын көрөн, көхнэм буолан айдаараллар, ыалдьар киһилэрин тэптэрэн биэрэллэр. В. Тарабукин; 3) туохха эмэ көмө буол, көмө-ньыма буол, туох эмэ оҥоһулларын, туоларын өйөө. Поддерживать кого-что-л., способствовать чему-л. (напр., выполнению какой-л. работы)
    Чэ, туруоххут дуо, аанна аһыҥ, көх-нэм буолуҥ! Күннүк Уурастыырап
    Дьоно …… кини тыаҕа тахсарыгар көхнэм буолан, тахсарга тэриммитигэр үөрэн да хаалаахтаабыттара. Р. Кулаковскай
    Саамай улахан ходуһатын уутун хачайдатарга бэйэтинэн элбэхтик үлэлээтэ, көх-нэм буолла. «Кыым»