- сыҕарый диэнтэн хай. аата. [Оҕо тылын байытыыга] табыгастаах ньыманан боростуойтан уустукка, аҕыйахтан элбэххэ сыыйа сыҕарыйыы буолуохтаах. СЛСПҮО
Ол эрээри, уруккуттан да биллэрин курдук, күн-дьыл сыҕарыйыыта дууһа ханныктаах даҕаны эрэйдэниитин мүлүрүтэр, сүрэх ханныктаах даҕаны бааһын чэрдитэр. «ХС». Мин урут бииргэ сулууспалаабыт доҕотторум иннибит диэки сыҕарыйыы суох диэн суруйбуттара. А. Кожедуб (тылб.) - геол. Хайа боруодалара сытар сирдэриттэн хамсааһыннара. ☉ Горизонтальное смещение горных пород. Сир хамсааһынын түмүгэр бу сиргэ сыҕарыйыы барбыт
Якутский → Якутский
сыҕарыйыы
сыҕарый
туохт.
1. Биир сиргэ турума, хайа эмэ диэки бытааннык хамсаа, көс. ☉ Переместиться в какую-л. сторону, отодвинуться, подвинуться
Микиитэ утары одуулаһан олорбохтоон баран, тэйэ сыҕарыйда. Амма Аччыгыйа
Дьонум, ити курдук кэпсэтэ түһэн баран, им-ньим бардылар, мин кинилэри көрөөрү хаптаһын баһын диэки сыҕарыйдым. Н. Неустроев
Тааҥка, дьигиһис гынаат, иннин диэки сыҕарыйда. Т. Сметанин
2. көсп. Уларыйан, хамсаан биэр (хол., үлэҕэр). ☉ Перейти с одного места на другое, продвинуться вперёд (напр., по работе)
Хамыыһыйа чилиэттэрэ, ити курдук бииртэн-биир бырайыакка сыҕарыйан, сороҕу хайҕаан, сороҕу сирэн бэлиэтэнэн истилэр. Н. Лугинов
Ол курдук, икки саары икки ардынан, күндьыл улам баран, кыраапыктаах үлэҥ оннуттан сыҕарыйбакка хаалан иһэр. В. Яковлев
Литературнай антропонимнар (ааттар) тылдьыттара оҥоһуллуоҕа, …… онуоха диэри биһиги бытааннык да буоллар иннибит диэки сыҕарыйа туруохтаах этибит. ФЕВ УТУ
Якутский → Русский
сыҕарый=
двигаться, перемещаться (медленно с остановками); антах сыҕарый = отодвинуться подальше; бэттэх сыҕарый = подвинуться ближе; бытаан хаамыынан сыҕарый = двигаться медленным шагом.
Якутский → Английский
сыҕарый=
v. to step aside
Еще переводы: