Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэдээ

сэдэхсий диэн курдук
Киэһэ хойут, трактирга аһааччылар-арыгылааччылар сэдээбиттэрин кэннэ, күлүк курдук ханнык эрэ дьоннор киирэн, үөһээ хосторго ааһаллара. Н. Якутскай


Еще переводы:

сэтэ

сэтэ (Якутский → Якутский)

I
аат. Киһини сэтэрээн саҥарыы (хол., туга эмэ табыллыбатах киһини өссө хомуруйуу, сиилээһин). Злорадство, ехидство
Тэҥнээҕим сэтэтигэр, холооннооҕум хоһуутугар барыам буоллаҕа, …… бухатыыр киһи буолан баран хайдах да күөн көрсүмүнэ, күрэс былдьаһымына барыахпын сатаммат! Ньургун Боотур
ср. тув. сөдүр ‘сердись’, халх. сэдээ ‘раздражение, нервозность’
II
аат. Өҥүс бас. Затылочные мышцы (с обеих сторон шейных позвонков)
[Сур соноҕос] сиэллэҕинэ балтараалыы ыллар харыһы көрдөрөр ээ, түөһэ эттээх, моонньо сэтэлээх. Амма Аччыгыйа
Алексей Петрович тас көрүҥэ орто уҥуохтаах, сүрдээх модун быччыҥнардаах, үргүлдьү сэтэлээх моойдоох киһи эбит. Н. Кондаков
Бөлтөйөн көстөр (урга, соҕуоҕа, быллыаҕа маарынныыр) туох эмэ. Что-л. выпуклое (похожее на желвак, шишковидный нарост)
Элиэ кэккэлэһэ үүммүт сэтэлээх суон үс мутук төрдүгэр абырҕалы, оту-маһы мунньан олус улахан үллүбүт-баллыбыт уйа оҥостубута быданнаата. Далан