Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэмнэрий

сэмнэй диэнтэн хамс
көстүү. Ол быыһыгар сэмнэрийбит, дьиэрбэҥэлэспит ыттар төттөрү-таары сүүрэн, түөрт сыыдам атахтара элэгэлдьиһэллэр. П. Аввакумов
Чиэндигэ хойуу түүлээх кыракый ыт сэмнэрийэн кэлбитэ, ситэ саҥардыбатаҕа, ыйылыы-ыйылыы тула сүүрэкэлээбитэ. С. Дадаскинов
Оҕонньоро ыҥырбытыгар эмээхсинэ эрэйдээх, иһиттим-истибэтим диэбиттии, сэмнэрийэн тиийэн кэлээхтээтэ. КН ТДь


Еще переводы:

дьиэрбэҥэлэс

дьиэрбэҥэлэс (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Түргэн-түргэн сытыы хамсаныылары оҥортоо (хол., кыра ыт оҕотун этэргэ). Делать быстрые, ловкие, резкие движения (напр., о щенке)
Ол быыһыгар сэмнэрийбит, дьиэрбэҥэлэспит ыттар төттөрү-таары сүүрэн, түөрт сыыдам атахтара элэгэлдьиһэллэр. П. Аввакумов

сэмнэрис

сэмнэрис (Якутский → Якутский)

сэмнэрий диэнтэн холб. туһ. Ханна да бардын, оҕолоро [аҕаларын] кулуннаах биэ курдук, бу батыһан сэмнэриһэн иһэр буолаллар. «ХС»
Куула, халдьыа тыаларынан төттөрү-таары биэрэс тэбэн, куорат диэки сэмнэриһэ турдулар. «Чолбон»

элэгэлдьис

элэгэлдьис (Якутский → Якутский)

элэгэлдьий диэнтэн холб. туһ. Дьыллар-хонуктар ааһа көтөн элэгэлдьиһэн иһэллэрэ түргэнин сөрү диэн сөҕөн кэбистим. Амма Аччыгыйа
Ол быыһыгар сэмнэрийбит, дьиэрбэҥэлэспит ыттар төттөрү-таары сүүрэн, түөрт сыыдам атахтара элэгэлдьиһэллэр. П. Аввакумов
Саа тыаһыттан соһуйбут кустар тииттэри быыстарынан көтөн элэгэлдьистилэр. В. Тарабукин