даҕ.
1. Ким, туох эмэ дьэгин өттө, уҥа өттүн утарыта. ☉ Левый, левосторонний
Ырыаһыт кырдьаҕас Хат этиппэккэ, хап-сабар Хаҥас атаҕын сөһүргэстээтэ, Илин иэйэхситтээх халлаан диэки Иннинэн эргилиннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Болот оһох хаҥас чанчыгар бэркэ ууһун киллэринэн, талах ынах оҥосто олорбута. Н. Заболоцкай
Иван хаҥас илиитин остуолга тоҕонохтоон, сыҥаах баттанан олорон, кэрэ-чуор куолаһынан ыллаан унаарытан киирэн барда. М. Доҕордуурап
2. Туох эмэ хоту диэки өттүгэр баар, хоту өттүнээҕи. ☉ Находяшийся на северной стороне чего-л.
Бастаан киирэн тугу да саҥарбакка олордо. Онтон уоскуйан баран дьонугар: «Дьэ абааһыны иһиттим, хаҥас ойуурга дьахтар кыланна», — диэн кэпсээтэ. Күндэ
Балаҕан хаҥас өттүгэр аҕамсыйа барбыт дьахтар кылбаа маҥан куобаҕы тириитин сүлэ олороро. Н. Якутскай
Дьиэ хаҥас өттүнэн [өтөх] биллэр-биллибэт ыллык тахсан барда. И. Данилов
◊ Хаҥас (хара) дьиэ көр дьиэ I
Бэкирийэ Хара хаҥас дьиэттэн лиһиргээн кэлэн өҥөс гына түһээт, төттөрү сүүрдэ. П. Ойуунускай
Ыл, Хабырыыс, манан хаҥас дьиэҕэ аас: онно эт буһарбытым. С. Никифоров
Мин онно наар хаҥас дьиэҕэ (хотон дьиэ диэки өттүгэр, билии эркин кэннигэр оһохтоох, муостата суох, икки оронноох хоспоххо) олорбутум. СДТА. Хаҥас оҕун (халый, халыт) полит. — хаҥас бэлитиичэскэй баартыйаларга чугаһаа. ☉ Становиться более левым по политическим взглядам, леветь
[Бассабыык барахсан] Кэннинэн соҕус кэхтэн, Олус уҥа диэки охтубакка, Хабаана суох хаҥас диэки халыйбакка Элбэх киһи эрэйин сэрэйдэҕинэ Үчүгэй үөскүүрэ дуу. Өксөкүлээх Өлөксөй
Өскөтүн буруйа дакаастаммакка хааллаҕына, баайсан бэйэтин сэмэлэтиэ, былааскын үрдэппиккин, хаҥас халыйбыккын диэхтэрэ. Болот Боотур
[Өлөксөй] Бэлиитикэни хаҥас халытан, Биир холкуоһу ыспыта. С. Васильев
Хаҥас орон көр орон II. Уол хаҥас ороҥҥо ыалдьа сытар ийэтин улаҕатыгар ыстанна. Амма Аччыгыйа
Лоокуут түһээн көрдөҕүнэ, Ньургуһун хаҥас ороҥҥо олорон эрэн иистэнэн килбик маҕан тарбахтара иннэни субуйа хамсыыллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Огдоойо эмээхсин утуйан, хаҥас ороҥҥо муннун тыаһа сыыгыныыра. А. Сыромятникова. Хаҥас үлэлээ калька. — сүрүн үлэҥ таһынан кэбэҕэстик эбиискэ хамнастанар быстах үлэни үлэлээ. ☉ Подрабатывать дополнительно, иметь левый заработок
Тутулуннаҕына мөҕүллүө турар эбээт, хаҥас үлэлээбиккин, халтурщиккын диэхтэрэ. Э. Соколов
Сорох суобаһа суох тырахтарыыстар эрдэ буолуохтааҕар, лаппа хойутаан гараастан тахсаллара, путёвканы укта сылдьан хаҥас үлэлиир түбэлтэлэрэ тахсара. ТССКС
ср. п.-монг. хаҕас ‘половина’