Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэппэрээтэрдээһин

сэппэрээтэрдээ диэнтэн хай
аата. Сэппэрээтэрдээһин кэнниттэн бөлөнөх эбэтэр холбуллубут үүт хаалар, ону бороохтуйбут тамыйахтарга, сибиинньэҕэ эмиэ иһэрдэллэр. СИиТ
Сарсыарда ыам кэнниттэн чэйдээт, үүтү сэппэрээтэрдээһин буолар. «ХС»


Еще переводы:

холбулун

холбулун (Якутский → Якутский)

көр холбуйулун
Салгын умуһахха хоммут, холбуллубут сөрүүн сүөгэй курдук. А. Фёдоров
◊ Холбуллубут үүт — 1) сойбут, сөрүүкээбит ыаммыт үүт үрүтүн холбуйан ылбыт кэннэ хаалар үүт. ☉ Молоко, обезжиренное ручным способом, с которого уже сняты сливки
Холбуллубут үүтү оргутан баран, сойбутун кэннэ, сылаас соҕус эрдэҕинэ, туос ыаҕаска эбэтэр улахан чабычахха кутан ытыйаллар, суораттаан, таҥаһынан сабан, суулаан аһыталлар. «Кыым»; 2) сэппэрээтэрдээбит кэннэ ыаммыт үүттэн хаалар сүөгэйэ араарыллыбыт үүт. ☉ Обезжиренное сепаратором молоко, обрат
Ыаллар пиэрмэ холбуллубут үүтүн лиитирэнэн аахсан үллэстэллэрэ. «ХС»
Сэппэрээтэрдээһин кэнниттэн бөлөнөх, эбэтэр холбуллубут үүт, хаалар, ону бороохтуйбут тамыйахтарга, сибиинньэҕэ эмиэ иһэрдэллэр. СИиТ

тамыйах

тамыйах (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Торбос. ☉ Телёнок
Сымнаҕас айахтаах тамыйах тиэргэн иһинээҕи ынаҕы барытын эмэр. Саха фольк. Ийэм ыҥыран ылан: «Тоойуом, тамыйахтаах ынаххын үүрэн аҕал эрэ, киэһээ ыам чугаһаата», — диэтэ. «ХС»
Сэппэрээтэрдээһин кэнниттэн бөлөнөх, эбэтэр холбуллубут үүт хаалар, ону бороохтуйбут тамыйахтарга, сибиинньэҕэ эмиэ иһэрдэллэр. СИиТ
♦ Тамыйах абааһыта кэпс., сэнээн. — уопсастыбаҕа туох да аптарытыата, сабыдыала, ыйааһына суох киһи (тамыйах абааһыта торбоһу эрэ ыарытыннарар, сиир кыахтаах саамай кыра, сэнэнэр абааһы онно холоон этии). ☉ Человек, не имеющий никакого авторитета, влияния, веса в обществе (букв. телячий чёрт — по якутскому поверью, это злой, мелкий, слабый, самый ничтожный из чертей, обычно вызывающий только презрение)
[Дуугулааһап:] Бу Дэдээһэп эрэйдээх, эн күнүҥ тахсан ырҕаҥнаан эр. Бу тамыйах абааһылара былааһы ылыахтара диэн тыыммыккын быһыылаах. Эрилик Эристиин
◊ Тамыйах абааһыта — торбос абааһыта диэн курдук (көр абааһы). Тамыйах абааһыта кулуҥҥа чарапчыламмытыгар дылы (өс ном.)