Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэрбэлин

сэрбэй диэнтэн атын
туһ. Оҕолор …… талах олоппоско сэргэстэһэн, чуумпуран сэрбэллэн олороохтоотулар. И. Гоголев
Талах кэтэҕэр, күөх от быыһыгар сэрбэллэн туран кыысчаан күлэр. Софр. Данилов
Биир үстээх Марыына диэн кыыһа таҥнан бүтэн, остуолга сэрбэллэн олорор. Р. Кулаковскай


Еще переводы:

сэндэлэс

сэндэлэс (Якутский → Якутский)

сэндэҥэ диэн курдук
Сэндэлэс ойуур бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсибит курдук мастарын күлүктэрэ хаарга биллэ-биллибэт көҕөрүмтүйэр толбону түһэрбиттэр. П. Аввакумов
Трофим Ильич саҥата суох хаардаах курус хонууну, ыраах сэндэлэс тэҥкэ тыаны, чугастааҕы иирчэх-баарчах симилэх ойууру одуулаһан олордо. Н. Габышев
[Тиит] Сэндэлэс ойуурга Сэрбэллэн үүннэргин да, Син балачча чэлгийэр Сэнэх көрүҥнээххин. «Чолбон»

кийииттээ

кийииттээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кийиит буол. Быть невестой
Күннээх дойдум отонноох мастара Кийииттии кэлиэхтэрэ чаллах тииппэр. С. Данилов
2. көсп. Туохтан эмэ килбигий, кыбыһын, кэмчиэрийэ тутун. Стесняться, стыдиться, смущаться, робеть
Ханна эрэ ыраах талах быыһыттан килбигийбит, кийииттээбит куолас: «Ньуох, ньуох!» — диэтэ. Н. Заболоцкай
Рая …… талах олоппос адьас кырыытыгар кумуйан, кийииттээн кэмчиэрийэн олороохтообута. «ХС»
3. көсп. Эстибэккэ хаал, эпчиэскэлээ (саа туһунан). Дать осечку (о ружье)
Мин саам улахан көтөргө кийииттиирэ. ПЭК СЯЯ
«Бу үйэҕэ эстэллэрэ. Тоҕо кийииттээбит сааларый?» — диэн Ордьоох ойуун, саата эстибэккэ хаалан бултан маппыт курдук, хомойо саҥарара. Эрилик Эристиин
4. эргэр. Улахан, ытыктанар көтөртөн дьиксин, сэрэн (сахаларга урут баар сиэринэн, кубаны, кыталыгы көрдөхтөрүнэ оҕону-дьахтары саһыараллар эбэтэр дьахтар сүктэр кыыс таҥаһын кэтэн көстөр). Остерегаться крупной птицы в силу особого, почтительного, к ней отношения (раньше якуты, завидев такую птицу (напр., стерха, лебедя, орла), прятали от нее детей и женщин или женщины представали перед ней в наряде невесты)
Оҕонньорум Байды этэ. Байдылар кийииттэрэ буоларым быһыытынан, кубаттан кийииттиибин. Багдарыын Сүлбэ
Былыр улахан көтөртөн кийииттииллэр үһү. «ХС»
Кийииттээбит курдук буол — килбигий, симитин, кыбыһын. Испытывать робость, смущаться, стесняться
Бонифатий оҕонньор хайдах эрэ кийииттээбит курдук буолан соччо кэпсэтиигэ кыттыбакка, тэйиччи соҕус сэрбэллэн олорон, ыһаарыллыбыт собону сиэн илибирэтэр. В. Яковлев