Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэһэн-сэппэн

аат., кэпс. Буолары-буолбаты кэпсэтии, үлүһүйэн туран сэһэргэһии, сэлэһии. Оживленная беседа, разговор о том, о сём
Кинилэр сэһэннэрэ-сэппэннэрэ кимтэн да сүрдээх буолааччы. Суорун Омоллоон
Өлгөмнүк бултуйан дьон үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдэммит, сэһэн-сэппэн ырааппыт, туттуу-хаптыы түргэтээбит. Г. Попов
Кэлин ортолуу аһаан истэхтэрин аайы араас сэһэн-сэппэн хойдон истэ. И. Сысолятин
Сылабаар остуолга туруутугар, сэһэннэрэ-сэппэннэрэ ыраатта. М. Попов


Еще переводы:

эндирдээх

эндирдээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Куһаҕан, айанныырга эрэйдээх, аҥхайдаах-куоһахтаах, оллур-боллур (суол туһунан). Плохая, с рытвинами, выбоинами, трудная (о дороге)
Күннээҕи түбүктэн босхо баран, сололоммучча, эндирдээх айан суолун да биллэрбэккэ, ол-бу туһунан сэһэн-сэппэн ыраатта. ЕМП БС
Ыраах, үгүс эндирдээх куһаҕан суолга биирдэ да саахалламмакка, күҥҥэ иккитэ кырынара. АВД АМ
Бу элбэх түһүүлээх-тахсыылаах, эндирдээх таас суолу тымныы да оройугар тааҥ уута халыйан, сиикэй сытар үрэхтэр мэһэйдээннэр улаханнык харгыстыыллар. «ЭК»
2. Тугу эмэ гынарга сэрэхтээх, кутталлаах. Грозящий осложнениями, опасный (напр., о разговоре)
— Агния Аркадьевна этиитэ оруннаахха дылы. — Агния курдук биир киһи этиитигэр олоҕурар эндирдээх буолуо. Далан
Оҕотоойоп, киһим олус быыппастан эрэр дуу диэн дьиксинэ саныы-саныы, бу эндирдээх кэпсэтиини бүтэрэ охсон, атын чэпчэки сэһэргэһиигэ көһөргө тиэтэйэн, эгэ-дьэгэ соҕустук ыйытта. Софр. Данилов
Аһаҕас сиргэ оҕуруот аһын үүннэрии эндирдээх. ПТК
Ханнык баҕарар эпэрээссийэ эндирдээх буолар. Оннооҕор муҥурдааҕы быһыыга ардыгар ол-бу тахсар. «Кыым»