силикаттар (кремнеземнаах (кремний биир атома кислород икки атомын кытта холбоһуга) минерал холбоһуктар уопсай ааттара. С. айылҕаҕа олус тарҕаммыттар (сир кытаанах хаҕын маассатыттан 3/4 ылаллар). Айылҕаҕа С-тартан кварц, хонуу шпата, сүлүүдэ ордук элбэх. Сорох сыаналаах минераллар гранат, топаз, изумруд эмиэ С-га киирэллэр. С. промышленноска киэҥник туһаныллаллар. Туой оҥоһуктар, сиэмэн, бетон, асбест о. д. а С-тан састааптаахтар.)