Якутские буквы:

Якутский → Русский

сүөдэс

сүөдэс гын = момент.-однокр. от сүөдэй = 1) вдруг возникнуть смутной тенью; 2) вдруг замаячить—о долговязой неуклюжей фигуре.

Якутский → Якутский

сүөдэс

сүөдэй диэнтэн холб. туһ. Уолаттаар, утуйуҥ. Мээнэ сүөдэһэн олорумаҥ
Бартыһааннар бастаан утаа, тугу да саҥарбакка, бүдүк-бадык сырдатыллыбыт дьиэ иһигэр, күлүк курдук сүөдэһэн олордулар. Эрилик Эристиин
Бырааттыылар им-дьим сүөдэһэн олордулар. М. Доҕордуурап

сүөдэс гын

сүөдэй диэнтэн көстө түһүү. Уол иннигэр туох эрэ сүөдэс гынна
Мас быыһынан модьу атах кэлэн сүөдэс гына түһэр. Күндэ
Хамначчыт уол сэрэнэ-сэрэнэ, халҕаны аппатаатын кытта ким эрэ дьиэҕэ сүөдэс гына түстэ. И. Гоголев
Күтүөт тоһун ылбыт киһи быһыытынан, чоҕун тиэйэ сүөдэс гынан хаалбыта. В. Титов


Еще переводы:

барыҥнаа

барыҥнаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Борук-сорукка, хараҥаҕа омооно эрэ буолан, чуолкайа суохтук көһүн (ким эмэ хамсыыра). Двигаться, едва виднеясь в темноте
Эмискэ хайаҕа ыттар ыллык устун киһи барыҥнаабыта. Н. Якутскай
Утаакы соҕус буолан баран, тыа түгэҕин диэкиттэн киһи барыҥнаан кэлбитэ. Д. Таас
Ыарахан бочуонагы мадьаччы көтөхпүт киһи хараҥа үөһүттэн барыҥнаан тахсан, уот сырдыгар ордук улаатан, сүөдэс гына түстэ. Амма Аччыгыйа
2. Туох да сыала-соруга суох, сүрэҕэлдьээбит курдук, аатыгар эрэ саллаҥнаан сырыт. Нехотя, лениво двигаться, едва передвигая ноги, создавая видимость дви-жения
Билигин кини барар эрэ ааты-гар барбыта буолан барыҥнаан хаамар. Н. Заболоцкай
Тоҥус дьахтара биир кэм,сибиэн курдук, барыҥнаан тахсар. «ХС»

тоҥхох гын

тоҥхох гын (Якутский → Якутский)

туохт. Төбөҕүн нөрүс гыннар, төҥкөйөн ыл. Сделать кивок головой, наклониться
Турааҕа тоҥхох гынна. П. Ойуунускай
Утуктаан тоҥхох гынан ыла-ыла, уутун үргүтээри гыммыттыы, ол-бу диэки көрөн ылаарыҥныыр. Суорун Омоллоон
Ийэтэ, сибэккини үргээн эрэрдии, тоҥхох гынар. В. Гаврильева
Сөбүлээн, сөбүлэһэн, дорооболоһон, баскын нөрүс гыннар; төҥкөйөн ыл. Кивнуть головой в знак одобрения, здороваясь с кем-л.; слегка поклониться
Хорохоот Сүөдэс Сүөдэр көтөн түһэр, бэргэһэтин устан тоҥхох гынар. П. Ойуунускай
Аҕата бэргэһэтин устан баран, курданарыгар диэри тоҥхох гынна. Суорун Омоллоон
Куонаан оҕонньор сөбүлэһэн, саҥата суох төбөтүн тоҥхох гынан кэбистэ. Н. Заболоцкай