сүөр диэнтэн төхт
көрүҥ. «Дьоппуону сэриигэ бэлэмнэнэр дииллэр, Дьобуруопаттан да киирэр инилэр …… » — Дии-дии Кынчаайап тула көрүтэлээтэ, Уолугун тимэҕин сүөрүтэлээтэ. С. Васильев
Якутский → Якутский
сүөрүтэлээ
Еще переводы:
уолук (Якутский → Якутский)
аат.
1. Моой төрдүнэн, түөс уҥуоҕун үрдэ. ☉ Верхняя часть груди, место между шеей и грудью
Кыыс дьахтар сүрэҕэ уолугар тахсан мөҕүстэ. Н. Павлов
Куйааһа бэрт, күн уота оҕолор илиилэрин, атахтарын, аһаҕас уолуктарын ууруур. Дьүөгэ Ааныстыырап
Лөгөнтөй уолукка астарбыттыы, өрө чинэкэлии түстэ. Р. Кулаковскай
2. Таҥас эҥээрдэрин үөһээ, саҕатын диэкинэн холбоһор өттүлэрэ. ☉ Ворот одежды
Лёва үөс батааска биэрбэккэ, Арамааскыга ойон тиийэн уолугар түһэн илгиэлээбитинэн барда. Р. Баҕатаайыскай
Кынчаайап тула көрүтэлээтэ, Уолугун тимэҕин сүөрүтэлээтэ. С. Васильев
Уолаттар, уолуктарын нэлэкэйдэнэн, өрүтэ уһуутууллар. П. Аввакумов
♦ Сүрэҕэ уолугун үүтүнэн тэбиэ- лээтэ көр сүрэх I
[Лөгөнтөй:] «Бассабыыктар! Миигин тута кэллэхтэрэ», — дии санаата, сүрэҕэ уолугун үүтүнэн тэбиэлээтэ. Р. Кулаковскай. Уолугар диэри тотто кэпс. — аһара тотто. ☉ Наесться до отвала (букв. наесться до верхней части груди)
Киэһэ дьоммор тиийэн уолукпар диэри тотор гына аһаатым. Тэҥн. тылбыытыгар диэри аһаабыт. Уолугунан көрбүт (тыыммыт) — оройунан (төбөтүнэн) көрбүт (тыыммыт) диэн курдук (көр көр I). [Бухатыыр дьиэтэ] Орто дойду Уолугунан көрбүт, Оройунан оонньообут Орой мэник уолаттара кэлэннэр Тоҕута тардан кэбиһиэхтэрэ диэн Түөрт хос истиил таас Эркиннээх эбит. Суорун Омоллоон
Ама да кини бүгүҥҥү күнэ буолан, кырдьан-буорайан, муҥу көрбүтүн, буору сөхпүтүн иннигэр, кини да уол оҕо буолан, уһугунан дугунан, уолугунан тыынан сылдьыбыта эбээт!.. Амма Аччыгыйа
Уолугунан тыынан, чуораан курдук тылыгыраан, уол оҕо көстүбүт дии, дьэ. Э. Соколов. Уолугун төрдүгэр уохтаах — олус ыгым, уолҕамчы. ☉ Опрометчиво горячий, вспыльчивый, раздражительный.
◊ Оҥойор уолук көр оҥой
Уорай халлаан Улуу өксөкү кыыла [суору] Оҥойор уолугуттан Умсары харбаан ылан Уот кудулу байҕал Ортотугар түһэрдэ. Нор. ырыаһ. [Суотчут Попов:] Сүрэҕим көбүөхтээбитинэн оҥойор уолукпар тахсан олорон кэбистэ. М. Доҕордуурап. Томторҕолоох уолуктаах фольк. — моонньун илин өттүнэн, хабарҕатынан улахан бөлтөҕөрдөөх. ☉ Имеющий большой кадык
Хайдах эрэ үтүө, Дорҕоонноох саҥалаах, Томторҕолоох уолуктаах, Тор курдук бытыктаах, Суо-хаан бэйэлээх Эр киһи үтүөтүттэн Үөскээтэ оҕолоор... Саха нар. ыр. II. Уолук төрдө — моой уонна түөс силбэһэр сирдэринэн уолук саҕаланар миэстэтэ. ☉ Начало надгрудинной части тела, между шеей и грудью
Микиитэ сүрэҕэ уолугун төрдүгэр тарыкыныы түстэ. Амма Аччыгыйа
Дьөгүөссэ сүрэҕэ уолугун төрдүгэр ньиллиргэччи тэптэ. М. Доҕордуурап
Борокуоппай эрэйдээх бүппүт, уолугун төрдүгэр эрэ тыынар дэһэллэр. И. Бочкарёв. Уолук үүтэ — моой төрдүнэн, түөс уҥуоҕун үрдүнэн баар оҥхой. ☉ Ярёмная (надгрудинная) ямка
[Ийэ чубуку] кэннинэн чугуйуон оҕолоро мэһэйдииллэрэ, иннин диэки ыстаныан мин бэрдээним уоһа кинини уолугун үүтүн кыҥыыра. И. Гоголев
Уоран түспүт түөкүнү Уолугун үүтүгэр ытааччы Охлопков аатыгар Оҕуруолаах тылынан Оһуохайдыы туруоҕуҥ! С. Васильев
Мин тыыным кылгаабыкка, хараҕым бүөлэммиккэ дылы буолбахтыыр, түөһүм иһэ — уолугум үүтэ аһыйбахтыыр. «ХС». Якут. уол ‘убывать’ + -к (аффикс отглагольных имён результата действия)