туохт.
1. Кими-тугу эмэ сөбүлээмэ, кимиэхэ-туохха эмэ сөбүлээбэттик сыһыаннас. ☉ Относиться неприязненно, недружелюбно к кому-чему-л.
Күнүм сирин көйгөлөөбүт, айыым сирин атаарҕаабыт адьарай кэллэҕиҥ! ВВН ОНЛЯ. Туох да көрүүтэ-харайыыта суох, туора сиртэн кэлбит дьону атааргыыр дьон ортотугар Ибрагим соҕотоҕун хаалбыта. Эрилик Эристиин
2. эргэр. Көмүскэс, араҥаччылаа, үтүөнү санаа, аһын. ☉ Защищать, поддерживать, опекать, жалеть кого-л.
Сир ийэ хатын Айыы дьонун атаарҕаан, Күн дьонун көмүскээн, икки төгүл иҥиэттэн, Үс төгүл түллэн, Мөхсөн мөҥүөннэнэн уотунан уһуутаата. Өксөкүлээх Өлөксөй