Якутские буквы:

Якутский → Русский

сөмүйэ

указательный палец; сөмүйэтин чочоҥнотор он грозит пальцем; сөмүйэҕинэн ыйыма не показывай пальцем; сөмүйэҕинэн сүүмэйдээ = тщательно выбрать себе что-л. по вкусу; сөмүйэлиин сөбүлүүбүн полностью одобряю; сөмүйэтин уга сытар сирэ место, участок чего-л., к-рые приносят хоть незначительную, но постоянную пользу (напр. озеро, в к-ром понемногу, но постоянно рыбачат).

Якутский → Якутский

сөмүйэ

аат. Киһиэхэ илиитин эрбэҕиттэн иккис тарбаҕа. Указательный палец
Биир илиибэр тарбаҕым Билэҕин дуо хастарын? Бастакыта — ылгыным, Иккис тарбах — аата суох, үһүс тарбах — ортоку, төрдүс тарбах — сөмүйэ, бэһис тарбах — эр бэрдэ эрбэх бөҕөс бэйэтэ! П. Тобуруокап
Боккуойа этэрбэс тигэ олорон иннэтинэн сөмүйэтин дьөлө анньан, …… киҥэ-наара холлон олороохтуур. Амма Аччыгыйа
Татыйаас …… быычыкаайык сөмүйэтин төттөрү-таары охсуолаан, хомуһун тардан дьоруолатта. Дьүөгэ Ааныстыырап
Сөмүйэҕинэн сүүмэйдээ — олус бириинчиктик сыымайдаан, сөбүлүүргүн талан ыл. Тщательно выбирать себе что-л. по вкусу. Сөмүйэлиин сөбүлүү- бүн — туох эмэ боппуруоска толору сөпсөс, сөбүлэс. Полностью одобряю, полностью согласен с кем-л. в данном вопросе
[Кинээс:] Итини [сир үллэһигин] сөбүлээбэт баар дуо? [Көкөт:] Сөбүлээн, сөбүлээн, сөмүйэлиин сөбүлээн олоробут. Суорун Омоллоон. Сөмүйэтин уга сытар сирэ — олорор сириттэн чугас, кыра-кыралаан да буоллар, мэлдьитин туһана турар сирэ (хол., балыктаан). Какой-л. участок, место (напр., с лесом, озером), которые приносят хоть и незначительную, но постоянную пользу кому-л.
Онон [куобах быһытыттан] күһүнүн киэһээҥҥи аһылык үгүс-элбэх эрэйэ суох саас-үйэ тухары күөскэ киирэ турааччы. Быһатын эттэххэ, сөмүйэлэрин уга сытар сирдэрэ. Н. Борисов
Чуораҥхас Хотугу күөлгэ сөмүйэтин уга сытар сирэ: онно оттуур, балыктыыр, тиргэлиир. ГНС СТСДТ. Сөмүйэ үрдүгэр үстэ эргийбит — эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит диэн курдук (көр эрбэх)
кирг. сөөмөй, туркм. сүем бармак


Еще переводы:

указательный палец

указательный палец (Русский → Якутский)

прил
сөмүйэ

указательный

указательный (Русский → Якутский)

прил. ыйар; # указательное местоимение грам. ыйар солбуйар аат; указательный палец ыйар тарбах, сөмүйэ.

дьорҕойбохтоо

дьорҕойбохтоо (Якутский → Якутский)

дьорҕой диэнтэн тиэт
көрүҥ. Оттон [мөккүһээччилэртэн] анарааҥҥыта, онуоха утаран, сөмүйэтин чочоҥолото-чочоҥолото, өрүтэ дьорҕойбохтуур. П. Филиппов

палец

палец (Русский → Якутский)

сущ
тарбах. Большой палец - эрбэх. Указательный палец - сөмүйэ. Средний палец - ортоку тарбах. Безымянный палец - аата суох тарбах. Мизинец - ылгын-чыгыйа

аһыннарыы

аһыннарыы (Якутский → Якутский)

аһыннар диэнтэн хай
аата. Уол буоллаҕына, аһыннарыы эрэйэр дьоно сымнаҕас быһыыларын билэн, эбии чугаһаан кэлэн, тутуллан турар тойоттор диэки хатырбыт сөмүйэтинэн ыйан кэбистэ. Эрилик Эристиин

баттаамахтаа

баттаамахтаа (Якутский → Якутский)

баттаа диэнтэн төхт
көрүҥ. Уйбааскы туран кумааһынай курун аллара баттаамахтаата. Амма Аччыгыйа
Оҕонньор тайах төлө тэппит буорун сөмүйэтинэн баттаамахтаата. Л. Попов

чочоҥноо

чочоҥноо (Якутский → Якутский)

чочой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Лакотанент [киһи аата] бэрт өр тугу эрэ этэн сөмүйэтэ чочоҥноото. Н. Якутскай. Хомус үрдүнэн ураҕаһын төбөтө чочоҥнуура. Далан

чочот

чочот (Якутский → Якутский)

чочой диэнтэн дьаһ
туһ. Мин сөбүлээбиппин биллэрэн, эрбэхпин чочотон көрдөрдүм. ИН КК
Николай эмиэ үөрбүт көрүҥнээх, сөмүйэтин чочотон көрдөрдө. ИИФ УоУоО

ыйбахтаа

ыйбахтаа (Якутский → Якутский)

ый I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кини хас биирдии тыла ыйааһыннааҕын бигэргэтэрдии дьон диэки өтөрүтэ-батарыта көрбөхтүүр уонна сөмүйэтинэн суптурута ыйбахтыыр. ЖЕА ТС

бараһыайдаа

бараһыайдаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Туох эмэ (хол., хаарты) көмөтүнэн инникини билгэлээ, көрүүлэн. Ворожить, гадать
Оҕолор дьиэлэригэр кэлэн сэлиэнэйдээх ууга биһилэҕи түһэрэн, олох маска бүргэһи сүүрдэн эҥин бараһыайдыы сатыыллар. Софр. Данилов
Тима сөмүйэтин сөмүйэтигэр анньан бараһыайдыыр. И. Гоголев
Биир эмээхсин таас кыырпаҕынан бараһыайдаан Маннык диэн мин дьылҕабын таайан турардаах: «Инники сыалыҥ эриэккэс эрээри, Элбэхтэрэ бэрт эбит өстөөхтөрүҥ». Р. Гамзатов (тылб.)