Якутские буквы:

Якутский → Русский

таһырах

чужой и нелюбимый; тас уруу таһырах погов. дальний родственник чужд.

Якутский → Якутский

таһырах

даҕ., кэпс. Көйгөтүтэ тутуллар, истиҥник санаммат, таптаммат (ким-туох эмэ). Нелюбимый, немилый, чужой
Дьахтар уруута амарах, эр киһи уруута таһырах (өс хоһ.). Үгүһү миэхэ кэпсиир ээ Үөрбүт онньос олдьу суола: «Айылҕаны таптаа», — диирэ, Айылҕа таһырах уола. С. Данилов
ср. осм. ташрак ‘более внешний, дальше расположенный’


Еще переводы:

киэбириик

киэбириик (Якутский → Якутский)

киэбиримтиэ диэн курдук
Тиихэн ордуос, киэбириик, дэбдэҥ буолан хаалбыта. В. Титов
Поэмаҕа …… кулуба тойон уобараһа кини бардамын, баламатын, киэбириигин кэрэһэлиир. СЛ-8
Таһырах, тыйыс, киэбириик дьонтон эмиэ тэйэбин. Ш. Руставели (тылб.)

амырах

амырах (Якутский → Якутский)

көр амарах
Дьахтар уруута амырах, эр киһи уруута таһырах (өс ном.). Араас суол көтөр бииһэ тус-туспа майгылаахтар-сигилилээхтэр, — сорох амырах, эйэҕэс майгытынан хатыласпат уратылаахтар. «ХС»
Таатта амырах дьонноро Ыраахтан ыалдьыт оҥорон Биэртэрэ эйиэхэ бэлэҕи — Ытарҕаны, биһилэҕи. Баал Хабырыыс
др.-тюрк. амырах

боҕус

боҕус (Якутский → Якутский)

I
туохт.
1. Тугу эмэ тугунан эмэ хамсаабат, барбат гын, тохтот. Препятствовать передвижению, протеканию чего-л.; останавливать. Тымырын бохсон хаанын тохтот
Ыл, ити ат атаҕын көнтөһүнэн бохсон кэбис. ПЭК СЯЯ
Модун тымныы бохсон, Боростуой дьон бука-бары Бокуйан сыталлар. А. Софронов
Хаһыҥ хаарыйбат күөх сибэккини, Муус бохсубат устар уулары. С. Данилов
2. көсп. Кимиэхэ, туохха эмэ тугу эмэ гынар кыаҕы биэримэ. Не давать возможности кому-чему-л. делать что-л. Үчүгэй киһини ыарыы булан эрдэ кырытыннарарыттан, үлэтин-хамнаһын эрдэ бохсоруттан ордук хомолтолоох туох баар үһү. Г. Нынныров. Суппуун таҥас хаамарга киһи илиитин-атаҕын бохсубатынан олус табыгастаах. Я. Семенов. Тэҥн. боп
II
боҕуй диэнтэн холб. туһ. Иннилэригэр кэлэн тобуктаан боҕуһаллар
Олохтон таһырахтар, иэрэҥнэр боҕуһаллар. Л. Габышев