I
аат. Тарбахха кэтиллэр тааһа, сирэйэ суох биһилэх. ☉ Гладкое кольцо, колечко на палец
Күн ийэ күүлэйдии сылдьан, көлөөскөтүн мүччү туппутун, Мээчик Бэргэн хабан ылан, ыйыстан кэбиспит үһү (тааб.: алмаас таас). Василий Иванович бэйэтэ кэтэ сылдьар кыһыл көмүс көлөөскөтүн бэлэхтээбитин, ийэтэ дьонтон эмиэ кистиир. Болот Боотур
II
аат.
1. Кыра оҕону олордон, сытыаран анньа сылдьарга аналлаах көлүөһэлээх дьоҕус тэлиэскэ. ☉ Маленькая ручная повозка для катания детей, детская коляска
Көлөөскөҕө тиэллэ сылдьар кыра оҕолор элбэхтэр. С. Руфов
Массыньыыска Натааһа бэҕэһээ кыыстаммыт үһү. Биһиги, доҕотторо, киниэхэ оҕотугар көлөөскө ылан бэлэхтиибит. Н. Габышев
2. Кими, тугу эмэ таһарга анаан оҥоһуллубут тэлиэскэ (сороҕор тиэхиникэ, хол., матасыыкыл ойоҕоһугар сыста олордуллубут буолар). ☉ Небольшая тележка специального назначения, коляска (напр., у мотоцикла)
Матасыыкыл көлөөскөтө. Инбэлиит көлөөскөтө. — Саргыны сиэтэн илдьэн «Юпитерын» көлөөскөтүгэр олордон кэбистэ. «ББ»
3. эргэр. Түөрт көлүөһэлээх, киһи тиэрэ түһэн олорон айанныыр бобуоската, тэлиэгэтэ. ☉ Четырехколесный экипаж с откидным верхом
Аттаах-сатыы тоҕуоруста, өссө ханнык эрэ көлөөскө тиийэн кэллэ. Л. Пантелеев (тылб.)