тыаһы үт. туохт.
1. Эрчимнээхтик тохтоло суох өрө мөхсөн, туохха эмэ охсуллан чаастатык тоҥсуйан эрэр курдук тыаһы таһаар. ☉ Биться, ударяться обо что-л., дёргаться, производя дробный глухой шум
Дулҕаттан манныгы күүппэтэх көтөр барахсан, соһуйан өрө тилигирэйбитинэн барда. Н. Заболоцкай
Оҕонньор мөхсөн тилигирэйэ сылдьар Элиэнэ эбэ хотун дэҥҥэ биэрэр маанылаах балыгын кэрэхсии, үөрэ көрөн олорбохтоото. Н. Лугинов
[Куобах] туһахтан босхолоноору туох баар күүһүнэн мөхсөн тилигирэйэр. В. Тарабукин
△ Эрчимнээхтик, тыастаахтык хамсанан тыаһааууһаа (хол., ханна эмэ тиэтэйэн). ☉ Энергично двигаться, производя глухой дробный шум (напр., в спешке)
Оҕотоойоп …… көрүдүөргэ тиэтэйэн тилигирэйэн иһэр Туоскуну хаста да көрсөн ааспыта. Софр. Данилов
Аҕам кыыһыран таҥнан тилигирэйэн үлэтигэр барда. Далан
Сөдүөркэ, Дьэргэ диэки хайыһан да көрбөккө, хааман тилигирэйэн, ааны тыастаахтык сабан, тахсан барда. Болот Боотур
Якутский → Якутский
тилигирэй
Еще переводы: