Якутские буквы:

Якутский → Русский

тилэхтээ=

бить, ударять пятками; атын тилэхтээт, көтүтэ турда он ударил лошадь пятками и ускакал.

Якутский → Якутский

тилэхтээ

туохт. Үллэн улаат, кытаат (төрөөрү сылдьар биэ синньин туһунан). Сильно затвердеть (о вымени кобылы незадолго до выжеребки)
Ырыган, от аанньа иҥмэтэх, хаарга сылдьыбыт биэлэр уон биэс-сүүрбэ хонукка эрэ хоруотаат, тилэхтээбэккэ да сылдьан, төрөөн кэбистилэр. В. Протодьяконов
Төрүүрэ чугаһаабыт тилэхтии сылдьар биэ, эмиийигэр үүт киирэн, эмиийин төрдө чопчуланар. ОМГ ЭСС. Тэҥн. хоруотаа


Еще переводы:

тилэхтэс=

тилэхтэс= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от тилэхтээ =.

тиҥилэхтээ=

тиҥилэхтээ= (Якутский → Русский)

1) см. тилэхтээ=; 2) топать ногой; уордайан сири тиҥилэхтээтэ он в ярости топнул ногой.

чопчулан

чопчулан (Якутский → Якутский)

I
чопчулаа диэнтэн бэй., атын туһ. Чааһынай бас билии итинник чэрчинэн олоххо киирэрэ, көмүскэнэрэ, өйөнөрө бу сокуонунан чопчуланар. Н. Борисов. Манна эдэр Эллэй айымньыларын туһунан түмүктүмүк санаалар тус-туспа чопчуламмыттар. КНЗ КАӨ
Бүтэһиктээх түмүгү кулун тутарга, ким ханна анаммыта, барара чопчуланнаҕына, билиэхпит. «Кыым»
II
туохт. Улаатан, чорбойон таҕыс (дьахтар, тыһы харамайдар эмиийдэрин тумугун этэргэ). Увеличиваться в размере, набухать (о соске)
Төрүүрэ чугаһаабыт тилэхтии сылдьар биэ, эмиийигэр үүт киирэн, эмиийин төрдө чопчуланар. ОМГ ЭСС
Чуолаан туҥуй кытат уһуннук хоруотаабат, синньин тэйгэтэн иһэн тилэхтээбэккэ сылдьан төрүүр. Эмиийэ чопчуламмат, үүт киирэрин биллэрбэт. ОМГ ЭСС