Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тиһиликтэн

туохт.
1. Тиһилигинэн баайылын. Быть обвязанным верёвкой, ремешком. Тиһиликтэммит бачыыҥка. Тиһиликтэммит үрүсээк
2. Тиһиликтээх буол. Иметь гусеницы. Саҥа тиһиликтэммит тыраахтар

тиһилик

  1. аат.
  2. Туох эмэ (хол., бэрэмэдэй, бачыыҥка) айаҕын быанан тиһиллэр кэлгиэтэ. Завязка-ремешок (напр., сумы, обуви). Бачыыҥка тиһилигэ
    Хонук сирбин буллахпына, бэрэмэдэйим тиһилигин сүөрэн, малбын биир-биир сүөкүүбүн. Р. Кулаковскай
    Артём кукуулун иһигэр киирэн баран, тиһилигин барытын тимэхтэнэн, тыылыы тэбэн сытара. Тумарча
    [Дьулустаан] борцовкатын тиһилигин чиҥэтэ тардыалаата. «ХС»
  3. Тыраахтар, тааҥка сүһүөх-сүһүөх бииргэ холбоммут тимирдэртэн таҥыллыбыт уллуҥаҕа. У трактора, танка, самоходного крана: охватывающее колёса замкнутое полотно, состоящее из отдельных шарнирно закреплённых звеньев, гусеница
    Хайа, мин бэл тыраахтар тиһилигин өрөмүөннүүбүн. Н. Габышев
    Бульдозер тиһиликтэрэ үрэллэн, салгыы кыайан барбат буоллулар. «ХС»
    Тааҥкалар ыстаал тиһиликтэринэн ириэнэх буору ибили ныһыйан адьас субу тиийэн кэлбиттэрэ. ДАЛ УуУоО
  4. даҕ. суолт. Кэккэлэһэ турар, биир күдьүс, субурҕа. Расположенные в один ряд, в одну линию
    Халлааҥҥа харбаспыт тиһилик мөҥүөн хайаларын ахтыбыта. Амма Аччыгыйа
    [Оҕонньор] тиһилик олбуордаах дьиэлэри көрөн, ханна тохтуохтааҕын саныы биэрдэ. Болот Боотур
    Утаакы буолбата, тиһилик остуолларга араас ас тардылынна. А. Сыромятникова

Якутский → Русский

тиһилик

завязка-ремешок у сумы (продевается из петли в петлю); ср. тиһик 2.

Якутский → Английский

тиһилик

n. chain


Еще переводы:

кыаһаанныы

кыаһаанныы (Якутский → Якутский)

сыһ. Кыаһаан курдук, кыаһааҥҥа майгынныырдыы. Подобно подвескам на шаманском плаще
Кытыт биэ тириитин тиирэ тардан Кыаһаанныы ыйаан кычымнаабыт курдук Нэлэмэн көмүс сэбирдэхтээх, Айдамаарык аҕыс салаалаах Аар Луук Мас диэн Ананан айыллан үөскээбит эбит. П. Ойуунускай
Кыысчаан өрүтэ эккирээн имиллэҥнээтэҕин аайы иннигэркэннигэр кыаһаанныы иилиммит симэхтэрэ араастаан ирбинньиктэнэ бэйэбэйэлэригэр охсуллан дьикти, хаһан да иһиллибэтэх кыыгынас тыас айаан иһин толорбута. Далан
Араас металл тиһиликтэн турар кэтит липпэ курдарыгар үгүс алтан боруонса уонна тимир төгүрүктэр кыаһаанныы ыйана сылдьаллар. ЭБЭДьА

system

system (Английский → Якутский)

тиһилик, систиэмэ

сцепной

сцепной (Русский → Якутский)

прил. холбуур, тиһилик; сцепной прибор холбуур прибор.

продёржка

продёржка (Русский → Якутский)

ж. (шнурок и т. п.) тиһилик быа, сунуур.

break (program)

break (program) (Английский → Якутский)

арыйыы (тиһилиги)

тилирдэс

тилирдэс (Якутский → Якутский)

тилирдээ диэнтэн холб. туһ. Атыыһыт тойоттор уҥа хоско тилирдэһэн аастылар. И. Никифоров
Тиһилик-тиһилик богуоннар тимир суол устун тилирдэһэ турдулар. С. Федотов

гусеница

гусеница (Русский → Якутский)

эк. 1. зоол. лыах ыамата (чиэрбэҕэ маарынныыр хас да паара атахтаах үөн); 2. тех. тиһилик; гусеница танка танк тиһилигэ

гусеничный

гусеничный (Русский → Якутский)

прил. I. зоол. лыах ыамата; 2. тех. тиһиликтээх, тиһилик; гусеничный трактор типиликтээх трактор.

десятичный

десятичный (Русский → Якутский)

прил. уоннуулаах; десятичная система мер и весов кээмэйгэ уонна ыйааһыҥҥа уоннуулаах систиэмэ (тиһилик).

сцеп

сцеп (Русский → Якутский)

м. 1. (действие) бииргэ холбооһун; 2. (приспособление) сцеп, тиһилик (холбооттуур оҥоһук); 3. (то, что сцеплено) сцеп, холбооһун (холбоммут массыыналар).