Якутские буквы:

Якутский → Русский

толон

I см. тобурах.
II: күн толоно а) ослепительный солнечный свет; б) диск солнца, просвечивающий сквозь густой туман, облака.

Якутский → Английский

толон

n. degree

Якутский → Якутский

толон

I
аат.
1. Бөдөҥ тобурах. Крупный град
Тобурах түстэ, Толон буолла, Кыраһа хаар Кыыгыныы көттө. П. Ойуунускай
Толон бэрт кыра сиргэ чүөччэрдии тохтубут. И. Гоголев. Сайын ардыгар толон түһэр. СМА АҮө
2. көсп. Туох эмэ (хол., буулдьа) биир туһаайыынан барар халҕаһата. Град чего-л. (напр., пуль)
Пилоткабын ыга кэтэн Уот толону аннынан Оҥостуулаах өстөөххө Утары үөмэрим. С. Васильев
Төбөтүн өндөттөрбөт гына буулдьа толоно кутар. Т. Сметанин
Муус толон көр толон I
Арыт муус толон саккырыыра. А. Абаҕыыныскай
Муус толон быыстаах самыыр түһэрэ. М. Ефимов
Толон самыыр көр самыыр. Дохсун силлиэ куугунаан толон самыыр таммалаабыта. Г. Данилов. [Ойуун дьоннор] Дьахтар киэнин бары Дьайын көлөһүнүн барытын Толон самыырынан сууйдулар. ТТИГ КХКК
ср. др.-тюрк. толы, кирг., тув. долу, туркм. долы ‘град’
II
аат. Халлаан эттигин (хол., ый, күн) сырдыга, сардаҥата. Ослепительный свет, луч, сияние небесных светил (напр., луны, солнца), Халлааны дьүкээбил уота сарбынньах толонунан сырдатар. Суорун Омоллоон
Күн толоно буор муостаҕа дьэрэлийэ оонньуура. Р. Кулаковскай
Кэлтэгэй ый толонугар ат кулгааҕа чөрөйөр, сиэлэ бураллан ылар. «ХС»
2. Былыт, хойуу туман быыһынан ыйдаҥаран, сырдаан көстөр күн төгүрүгэ. Диск солнца, просвечивающий сквозь густой туман, облака
Былыт иһигэр [күн] толоно эрэ баарга дылы. А. Сыромятникова
ср. бур. толон ‘блеск, блик, луч, сияние’


Еще переводы:

градобитие

градобитие (Русский → Якутский)

с. толон алдьатыыта.

град

град (Русский → Якутский)

сущ
тобурах, толон

градовой

градовой (Русский → Якутский)

прил. тобурах, толон; градовая туча тобурах былыта.

град

град (Русский → Якутский)

м. 1. тобурах, толон; выпал сильный град күүстээх тобурах түстэ; 2. перен. (множество, обилие) тобурах; под градом пуль тобурах буулдьа аннынан; 3. градом в знач. нареч. (крупными каплями) толон курдук, толон буолан; слёзы хлынули градом хараҕын уута толон курдук саккыраата.

толонноо

толонноо (Якутский → Якутский)

туохт. Толон буолан түс. Выпадать, идти (о крупном граде). Бүгүн толонноото
Дорҕоон этиҥ дуораһыйда, Толон ардах толонноон дьоллоото. Саха нар. ыр.

тобугунат

тобугунат (Якутский → Якутский)

көр табыгынат
Толоон сирдэр Оһордьоҥ отторун Толон хаар үөһэ Тобугунатан биэрбиттэрин Тобоҕолоон кээһэн долуой топпокко …… Чараас куҥнаммыт эбиппин. Саха нар. ыр. II

тобуйбахтаа

тобуйбахтаа (Якутский → Якутский)

тобуй диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Чооруос] Туораах хаҕын тобуйбахтыыр. Күннүк Уурастыырап
Табалаахтары толон сирэйдэрин ыарыылаахтык сырбаталаата, оройдорун быыстала суох тобуйбахтаата. И. Гоголев

тулумнан

тулумнан (Якутский → Якутский)

тулумнаа диэнтэн атын
туһ. Чаастара тулумнанан бүппүт маһы чочуйар ыстаныак арааматын ылан, фуговальнай ыстаныагын онно олорто. КН ПБ
Дьиэ ыксатыгар үүнэн турар тутовай маһы …… күүстээх толон тоҕута сынньан, биир да сэбирдэҕэ суох, тулумнанан турар. А. Куприн (тылб.)

уолҕан-чуолҕан

уолҕан-чуолҕан (Якутский → Якутский)

даҕ. Чугасчугас баар, сотору-сотору көстөр (хол., туох эмэ элбэх хайаҕаһы, түннүгү этэргэ). Находящейся близко друг от друга (напр., о многочисленных отверстиях, окнах)
Толомон маҥан күн Толоно киирдин диэн, Тоҕус уолҕан-чуолҕан түннүктээх …… Көмүс балаҕан үөскээбит. П. Ойуунускай

үрүлүччү

үрүлүччү (Якутский → Якутский)

сыһ. Элбэхтик, дэлэччи, өлгөмнүк. Обильно, в изобилии
[Чыычаах:] Кыһыл көмүс кыым кыыгыначчы ыһыллыбыта. Үрүҥ көмүс толон үрүлүччү тохтубута. Суорун Омоллоон. В. Гольдеров өҥ быйаҥ сомсуулаах кэмигэр тиийэн эрэр киһи быһыытынан үгүс хоһоону, кэпсээни үрүлүччү сүүрүгүртэр ханнык диэн баҕалаахпыт. «ХС»