туохт.
1. Тугу эмэ туохха эмэ туолуор диэри кут, хаалаа. ☉ Наполнять, заполнять что-л. чем-л.
Миитэрэй чаанньыгы толорон эмиэ уокка уурар. Амма Аччыгыйа
[Пилотканы хортуосканан] Култаччы толорбутум. С. Васильев
2. Тугу эмэ ситэр-хотор, оҥор (хол., ким эмэ ыйыытын, сорудаҕын, көрдөһүүтүн эбэтэр былааны, үлэни). ☉ Исполнять, выполнять что-л. (напр., чьё-л. желание, указание или какую-л. работу)
Эргиллэ түһэн эригэр этэр: «Аҕам тугу көрдөһөр да, толорон иһээр». Саха фольк. [Бадин — Михаилга:] Бирикээһи толорон баран, бэйэҥ кэлээр. С. Ефремов
Тутуу улуу былаанын толорорго турунна. Эллэй
Уол уруогун саҥата суох сылдьан толорор. М. Доҕордуурап
3. Дьон истэригэр, көрөрүгэр анаан ускуустуба ханнык эмэ айымньытын үтүгүннэрэн таһаар, ыллаа-туой, үҥкүүлээ. ☉ Воспроизводить перед слушателями, зрителями (какое-л. произведение искусства), исполнять. Оҕолор «Оһуор үҥкүүтүн» толордулар
□ Хас да олоҥхоһут түмүстэхтэринэ, оруолунан үллэстэн, бүтүн олоҥхону толороллоро. Суорун Омоллоон
Уйбаачаан хас да ырыаны толордо. М. Доҕордуурап
Якутский → Якутский
толор
Еще переводы: