Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тосту-быһа

сыһ. Эмискэ туох да төрүөтэ суох. Без повода, без причины
Ылдьаа тосту быһа кыынньан кэлбититтэн, Лиза, соһуйбуттуу, кини диэки одууласпахтаата. Д. Таас


Еще переводы:

иэдьэгэй

иэдьэгэй (Якутский → Якутский)

аат. Аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар үрүҥ ас. Творог (приготовляемый из скисшегося молока)
Тууйастаах иэдьэгэйдэрин билигин да тыыппакка сүбэлэстилэр. Амма Аччыгыйа
Бэҕэһээ Мурсай ойоҕо, элбэх баҕайы иэдьэгэйи ыга турдаҕына, ааны өҥөйөн туран ытыспын тоһуйбуппар, өрүү тылланаҕын диэн, дэлби мөхпүтэ. Эрилик Эристиин
Хаппыт иэдьэгэйи хобордооххо кутан аҕалан, остуолга уурда. Р. Кулаковскай
Сакаастаабыт аспыт үксэ үрүҥ астан буолла. Хойуу сүөгэй, убаҕас сүөгэй, үүт, кымыс, иэдьэгэй онтон да атын. С. Васильев
Иэдьэгэй мэйии фольк. - акаары, тугу да толкуйдаабат, быһаарбат. Тупица, мякинная голова
Куба буолабуола!.. Ар-дьаалы!.. Туох аанньатыгар туоска суруллубут үһү? Туналыйбытын тухары толору көҥдөй, иэдьэгэй мэйии буолбат дуо кини. П. Ойуунускай
«Торуой хаамар үгэскин Тосту быһа хаалларан, Төрөппүт дьон үлэтигэр Көмөлөһөр туһунан Иэдьэгэй эт мэйиигэр Эмиэ өйдөөн көр!» - диэтэ. Р. Баҕатаайыскай. Иэдьэгэй эттээх фольк. - кэбирэх эттээх. Человек с нежным, белым, легко ранимым телом
Ол Үөһээ дойду үлүскэннээхтэрин улуу моҕой уот тыыннарын ириҥэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан тулуйуо дии санаабаппын. П. Ойуунускай
Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй
Иэдьэгэй уута - иэдьэгэйи оҥорорго тахсар убаҕас. Жидкий отстой творога, сыворотка
Салҕалаан тиийээхтээн иэдьэгэй уутун истэ. П. Ойуунускай
Хайыы-үйэҕэ балтараа нэдиэлэ буолла аҥаардас от силиһинэн уонна аһыы иэдьэгэй уутунан аһаабытым. Пьесалар-1960. Иэдьэгэй эрбэһин - сыыс от көрүҥэ. Вид сорной травы. Бу сири иэдьэгэй эрбэһин былдьаабыт. Иэдьэгэй эриэн - быдьына-быдьына харалаах эриэн (сүөһү өҥүн туһунан). В крапинку, крапчатый (о масти коровы)
Иэдьэгэй эриэн ынах.  Мукугур муостаах, муунта үүттээх Буомтуйбут хара ынахпытын Тэрэгэр муостаах, кэдэгэр систээх, Боппууда үүттээх иэдьэгэй эриэн Боруода ынах солбуйда. С. Зверев
ср. монг. эдьэгэй 'сметана'