даҕ.
1. Тымныыны уйбат, тоҥумтуо. ☉ Не выносящий холода, чувствительный к холоду
Баҕарабын тоҥуй кукуруза Бүлүүнү, Тааттаны таптыаҕын. И. Эртюков
Сылгыларбыт, хаһан аһаабат буоланнар, олус тоҥуй буоллулар. М. Тимофеев
Кинитээҕэр тоҥуй этим. Илиим бөҕүөрэрэ бэрдэ. П. Егоров
2. көсп. Дьону кытта билсэ-көрсө сатаабат, кэпсэтинньэҥэ, эйэҕэһэ суох. ☉ Необщительный, неотзывчивый, равнодушный, сдержанный
Тот — тоҥуй, аччык — амарах (өс хоһ.). Улахан куорат тыаһа, …… тоҥуй тымныы дьоно, массыынабыт сыта-сымара — бука барыта киһини үтүрүйэргэ дылылар. ЯАМ СД. Тэҥн. тоҥкуруун