Якутские буквы:

Якутский → Русский

тоҥхос

тоҥхос гын = однокр. а) наклониться вперёд; согнуться; б) поклониться.

Якутский → Якутский

тоҥхос

тоҥхой диэнтэн холб. туһ. Оҕонньор киирбитигэр бары …… дорооболоһон тоҥхостулар. Н. Лугинов
Туспа дойдуларга тоҥхоһо, Атын омуктарга хаптаһа Сылдьыа үһүбүт дуо? С. Васильев
Тоотоҥноспут үөрэхтээхтэр Тоҥхоһоллор миэхэҕэ. С. Тимофеев

тоҥхос гын

  1. тоҥхой диэнтэн көстө түһүү. Сиргэ түспүт бэргэһэбин тоҥхос гынан ыла оҕустум
  2. Дорооболоһон, бырастыылаһан, сөбүлэһэн төбөҕүн (арыт бүтүн бэйэҕинэн) нөрүс гыннар; сүгүрүйэн ыл. Кивнуть головой (наклониться) в знак приветствия, прощения, согласия; поклониться
    [Павел Павловиһы] Чымаадап ааҥҥа диэри атааран, тоҥхос гынан баран, кэбиниэтигэр киирэр. Суорун Омоллоон
    Салбаныкы Сүөдэр кинээс диэки хайыһан баран, сүгүрүйэн тоҥхос гынна. М. Доҕордуурап
    Тайҕа уола сөбүлэспитин биллэрэн, тоҥхос гыммыт. Саха сэһ. 1977

Еще переводы:

дөдөҥөлөө

дөдөҥөлөө (Якутский → Якутский)

дөдөй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Кулаак тоҥхос гынаат, дьиэтин диэки дөдөҥөлөөтө. «ББ»

чахчарый

чахчарый (Якутский → Якутский)

чахчай диэнтэн хамс
көстүү. Чабытаайап чарчыына Чахчарыйан кэлэн, Тойон иннигэр Тоҥхос гынна. Болот Боотур

тоотоҥнос

тоотоҥнос (Якутский → Якутский)

I
тоотоҥноо диэнтэн холб. туһ. Оҕолор тоотоҥноһоллор. Болот Боотур
Ньирэйдэр күөҕү …… кэһэ сылдьан, алааһы бас билэн тоотоҥноһоллор. КН ПБ
II
даҕ. Улахамсыйа, улаханнык дьоһумсуйа туттубут. Высокомерный, чванливый
Тоотоҥноспут үөрэхтээхтэр Тоҥхоһоллор миэхэҕэ. С. Тимофеев

никнуть

никнуть (Русский → Якутский)

несов. 1. (склоняться, опускаться) тоҥхой, хаптай, бүк түс; колосья никнут куо-ластар тоҥхоспуттар; 2. перен. (ослабевать) ньамньарый, мөлтөө.

дьиибэлээх

дьиибэлээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Дьону хаадьылыырын, дьээбэлиирин сөбүлүүр, дьээбэтинньик идэлээх. Устраивающий смешные проделки, шутливый, склонный к озорству
Дьэ, бу уол бэрт дьиибэлээх уол, туох эрэ улахан дьиибэни санаабыта буолуо. П. Ойуунускай
Уой, Петя, дьиибэлээх да уолгун ээ, хайа эдэр киһи кыыска «дорообо» диэн баран, баһын эрэ тоҥхос гыннарар үһү. С. Ефремов
Кини туох да куһаҕан санаата суоҕун иһин, ис-иһиттэн тэбэнэттээҕэ, дьиибэлээҕэ, дьону үтэн-анньан, тургутан көрөр идэлээҕэ. ВНГ ГОПХ
2. Киһи өйдөөбөт, киһини дьиктиргэтэр туох эрэ уратылаах. Необычный, непонятный, странный
Ол эрэн көстүбэт буолуохпун Билигин, кэбис, баҕарбаппын: Уон араас дьиибэлээх оҥоһуугун Соҕотох төбөбөр ылыммаппын. П. Тобуруокап
Дьикти сэп банаар дьиибэлээх да буолуо. Сииктээх сиргэ уурдахха сиилэтин ситиэ, Ууга уктахха - умайан күлүмнүө. Күн Дьирибинэ
Ким эрэ дьиибэлээх боппуруоһу ыйыппы-тыгар дьоннор күлсэн күүгүнэстилэр. В. Протодьяконов
3. Дьону атаҕастабыллаахтык күлүүэлэк оҥостон көччүргүүр идэлээх. Любящий зло потешаться, издеваться над людьми
Доодор кулуба хайа да былыргы саха тойотторуттан, баайдарыттан ордук суостаах, ордук баттыгастаах, ордук дьиибэлээх киһи эбитэ үһү. Саха фольк. Сир уйбат Сидьиҥ дьиибэлээх сиргидэх Бэлэһин бэтэтин. ТТИГ КХКК
Кини олус өйдөөх буолан баран, дьиибэлэрдээх, дьэбир майгыннаах киһи. Л. Толстой (тылб.)
4. Туох эрэ дьиибэни оҥороору гыммыт курдук көрбүт, тэбэнэттээх (харах туһунан). Озорной, хитрый, насмешливый (о взгляде, глазах)
Кини Ньомор Турантаайап сып-сырдыгынан уонна дьиибэлээх кыымнарынан ыһыахтаммыт харахтарын мыналыччы көрөн кэбиһэр. Л. Попов
Полковник Беляев элэктээбит курдук дьиибэлээх харахтарынан өрүс уҥуор диэки көрөр. Т. Сметанин
Уртуут курдук хамсыы, куруук күлэ сылдьар дьиибэлээх харахтардаах уол учууталлары бэйэлэриттэн таһаарара. «ХС»