даҕ. Үүнүүлээх, үчүгэйдик үүммүт оттоох (ходуһа туһунан этэргэ). ☉ Травянистый, обильно поросший травой
Мандардаах мастаах, Оһуордаах оттоох, Сибэкки симэхтээх Сир ийэ Хатын. Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьиэ-буо! Толуу оттоох ходуһам, Тоҕо хаама сылдьаммын, Кэлим оккун тэлгэтиэм, Кэтит иэҥҥин сэлэлиэм. И. Чаҕылҕан
◊ Оттоох үөрэ — от тумалаах үөрэ. ☉ Похлёбка со съедобной травой (полынью-чернобыльником)
Көҕөлөҥ үөрэҕэ көҕүйбүт, Оттоох үөрэҕэ умсугуйбут, Бэстээх үөрэҕэ мэҥийбит, Бутугаһы бурулаппыт. Өксөкүлээх Өлөксөй