прил
үлэҕэ баҕалаах, үлэлиирин таптыыр
Русский → Якутский
трудолюбивый
трудолюбивый
прил. үлэни таптыыр, үлэһит.
Еще переводы:
бүгүрү (Якутский → Русский)
трудолюбивый; хлопотливый.
сүрэхтээх (Якутский → Русский)
трудолюбивый, усердный, прилежный; сүрэхтээх киһи трудолюбивый человек; сүрэхтээх үлэһит усердный работник; сүрэҕэ суох лентяй; сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат погов. трудолюбивый человек зря время не проводит; сүрэҕэ суох , сүбэлээх посл. лентяй смекалист на отговорки.
хоһуун (Якутский → Русский)
1) трудолюбивый, работящий; хоһуун оҕо трудолюбивый ребёнок; 2) уст. смелый, храбрый; удалой; хоһуун быһыы смелый поступок; хоһуун киһи храбрый человек; 3) уст. энергичный; хоһуун туттуу-хаптыы энергичные движения.
сүрэх-бэлэс (Якутский → Русский)
трудолюбие, усердие, прилежание || трудолюбивый; сүрэх-бэлэс киһи трудолюбивый человек; сүрэх-бэлэс муҥутаан үлэтигэр ылсыбытынан барда он с присущим ему трудолюбием сразу взялся за работу.
муравьиный (Русский → Якутский)
прил. 1. кымырдаҕас; муравьиные яйца кымырдаҕас сымыыта; 2. перен. (трудолюбивый, хлопотливый) кымырдаҕас курдук, хоһуун.
сүгүн (Якутский → Русский)
нареч. спокойно; тихо; смирно; сүгүн олор = сидеть спокойно; сүгүн сырыт = вести себя смирно; сүрэхтээх киһи сугүн олорбот погов. трудолюбивый человек зря не сидит.
бүгүрү (Якутский → Якутский)
- даҕ. Үлэлиирин таптыыр, сүрэхтээх, аҥар кырыытыттан үлэлии, оҥоро сылдьар идэлээх. ☉ Трудолюбивый, большой труженик
Оттон дьиэтигэруотугар Ньыкаандыр курдук бүгүрү киһи бу киэҥ Ньурбаҕа, бука, аҕыйах буолуо. С. Федотов
Кини [Арапаас] олус бүгүрү, уус илиилээх иистэнньэҥ дьахтар. Н. Якутскай
Ойуур бүгүрү эмчитэ тоҥсоҕой эрэйдээх, хатан эрэр тыаны өрүһүйээри, кыыл кутун үөскэҕин — мас үөнүн ылҕаан, сыра бөҕөнү көрөөхтөөбүт. Сэмээр Баһылай - аат суолт. Үлэһит, куруук үлэлии-хамсыы, түбүгүрэ сылдьар киһи. ☉ Трудолюбивый, хлопотливый человек
Сахаар оҕонньор Сергейи барыга-бары бүгүрүтүн, үлэһитин хайҕаабыта. В. Яковлев
сүрэхтээх (Якутский → Якутский)
даҕ. Үлэлиирин сөбүлүүр, дьарыга суох олорорун сөбүлээбэт. ☉ Любящий трудиться, трудолюбивый
Ананий, сүрэхтээх киһи, ыал аайы сааттарын быыһыгар олорорго анаан хаптаһын ыскаамыйалары оҥортообут. М. Доҕордуурап
Быйыл үчүгэй сайын буолан, хортуоппуй силигилии үүннэ. Сүрэхтээх ыаллар олбуордарын иһин киэптии олортулар. Р. Баҕатаайыскай
♦ Үс сүрэхтээх түолбэ. — дьонтон таһынан ураты үлэһит (киһи). Чрезмерно работящий (человек)
◊ Сүрэхтээх аат эргэр. көр аат I
Сүрэхтээх аата Сөдүөччүйэ диэн, Сааһа да саамай сөп, Уон сэттэтин уолдьаспыт кыыс. А. Софронов
Татыйыына диэн сүрэхтээх аата умнуллубут. Болот Боотур
Сүрэхтээх аатым Мартын, Айбыт аҕам Уйбаан диэн, Уйбаан уола Мартыыммын. И. Гоголев
хоһуун (Якутский → Якутский)
- даҕ.
- Үлэҕэ-хамнаска сүрэхтээх, туругас-олоругас, сыыдам. ☉ Трудолюбивый, деятельный, работящий
Хоһуун киһи хоргуйбат (өс хоһ.). Абаҕата кинитээҕэр өссө ордук хоһуун булчут этэ. С. Никифоров
[Софрон] ийэтэ быһа-бааччы саҥалаах-иҥэлээх, бокуойа суох үлэлии-хамсыы сылдьар, бэрт хоһуун эмээхсин этэ. Н. Кондаков - Хорсун, эрдээх, хотоойу санаалаах. ☉ Смелый, храбрый, отважный. Хоһуун быһыы
□ Эн хоһуун буоллаххына, Эр бэрдэ буоллаххына, Туллук күн тапталынан Туундараны таптыаҕыҥ. С. Данилов - аат суолт. Хорсун, хоодуот киһи. ☉ Смельчак, храбрец, орёл. Дьон хоһууттара, бэртэрэ мустаннар тохтотоору баһыгар оҕуур быраҕаллар, ону быаларын быһа көтөр. Саха фольк.
ср. тюрк. кошун ‘войско’
сүрэх-бэлэс (Якутский → Якутский)
аат. Туохха барытыгар көхтөөх, дьаһаллаах буолуу; үлэни-хамнаһы өрө тутуу, үлэһит буолуу. ☉ Позитивный настрой; трудолюбие. Олоххо сүрэх-бэлэс улаханы быһаарар
□ Табаарыһым сүрэҕэр-бэлэһигэр ымсыырабын. П. Аввакумов
Агент үлэтэ тус бэйэ сүрэҕиттэн-бэлэһиттэн, дьону кытта хайдах сыһыаннаһан кэпсэтэриттэн, итэҕэтэриттэн улахан тутулуктаах. «Кыым»
♦ Сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт — туохха барытыгар олус көхтөөх, дьаһаллаах; үлэни өрө туппут, олоро түһэр диэни билбэт. ☉ Проявляющий инициативу, хватающийся за всё с энтузиазмом; очень трудолюбивый, работящий. Бу уол барыгабары сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт
□ «“Анаан ураҕас быстан” буола-буола, сүрэхтэрэбэлэстэрэ бэрт ээ кинилэр», — абатыйда Дьэллик. Н. Заболоцкай. Сүрэҕэбэлэһэ киирбит — урут сүрэҕэлдьиир бэйэтэ күүскэ үлэлииргэ соруммут. ☉ Он стал усердно трудиться, проявлять трудолюбие (хотя раньше такого не замечалось)
Сүөдэр сүрэҕэ-бэлэһэ киирбит, тиэтэйбитэ сүр. М. Доҕордуурап
[Айаан] урут олус сүрэҕэлдьиир бэйэтэ, дьэ сүрэҕэ-бэлэһэ киирэн, аҕата тиэйбит саһаан маһын ийэтэ сөбүлүүрүнүү синньигэс гына хайытан, сааһылаан дьонуттан хайҕаммыта. Н. Габышев. Сүрэх-бэлэс киһи — олус үлэһит, сүрэхтээх киһи. ☉ Очень трудолюбивый человек. Мөдөөт курдугун көрүмэ, интикэҥ сүрэх-бэлэс киһи
□ Буркун, учуутал киһини кыра оҕо курдук хайгыыр солуута суох да буоллар, кыайан туттуммата: «Атаһым дьэ сүрэх-бэлэс киһигин!» — диэн баран санныттан ыга кууһан ылла. И. Гоголев
Ээ, Ларисаҥ киһитинэн үчүгэй ээ. Элэккэй бөҕө, көнө, судургу, сүрэх-бэлэс бөҕө киһи — тугу барытын сатыыр даҕаны, кыайар даҕаны. В. Яковлев. Сүрэх-бэлэс муҥутаан үгэрг. — дьаһаллаах, үлэһит муҥутаан («онтон кини хаалыа дуо?» — диэн этии.) ☉ Экий трудяга, как же без него (обычно о человеке, с энтузиазмом участвующем в веселье, развлечении). Сүрэх-бэлэс муҥутаан үлэтигэр ылсыбытынан барда
□ «Сүрэх-бэлэс муҥутаан олоруо үһү дуо, дьэ кини? Кимхайа иннинэ ойдоҕо эбээт!» — диэн эмээхсин кийиитин мөҕүттэ олордо. «ХС»