трудолюбивый, усердный, прилежный; сүрэхтээх киһи трудолюбивый человек; сүрэхтээх үлэһит усердный работник; сүрэҕэ суох лентяй; сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат погов. трудолюбивый человек зря время не проводит; сүрэҕэ суох , сүбэлээх посл. лентяй смекалист на отговорки.
Якутский → Русский
сүрэхтээх
Якутский → Якутский
сүрэхтээх
даҕ. Үлэлиирин сөбүлүүр, дьарыга суох олорорун сөбүлээбэт. ☉ Любящий трудиться, трудолюбивый
Ананий, сүрэхтээх киһи, ыал аайы сааттарын быыһыгар олорорго анаан хаптаһын ыскаамыйалары оҥортообут. М. Доҕордуурап
Быйыл үчүгэй сайын буолан, хортуоппуй силигилии үүннэ. Сүрэхтээх ыаллар олбуордарын иһин киэптии олортулар. Р. Баҕатаайыскай
♦ Үс сүрэхтээх түолбэ. — дьонтон таһынан ураты үлэһит (киһи). Чрезмерно работящий (человек)
◊ Сүрэхтээх аат эргэр. көр аат I
Сүрэхтээх аата Сөдүөччүйэ диэн, Сааһа да саамай сөп, Уон сэттэтин уолдьаспыт кыыс. А. Софронов
Татыйыына диэн сүрэхтээх аата умнуллубут. Болот Боотур
Сүрэхтээх аатым Мартын, Айбыт аҕам Уйбаан диэн, Уйбаан уола Мартыыммын. И. Гоголев
Еще переводы: