с. үлэни таптааһын, үлэһит буолуу.
Русский → Якутский
трудолюбие
Еще переводы:
сүрэх-бэлэс (Якутский → Русский)
трудолюбие, усердие, прилежание || трудолюбивый; сүрэх-бэлэс киһи трудолюбивый человек; сүрэх-бэлэс муҥутаан үлэтигэр ылсыбытынан барда он с присущим ему трудолюбием сразу взялся за работу.
сүрэхтэн-бэлэстэн (Якутский → Якутский)
туохт. Үлэлииргэ-хамсыырга, тугу эмэ гынарга улахан баҕалаах буолан кэл (урукку өттүгэр оннук хаачыстыбата суох киһи туһунан). ☉ Неожиданно проникнуться желанием работать, проявить трудолюбие (о человеке, у которого раньше такого качества не наблюдалось)
Көлөһүн-балаһын аллан, бу туһугар дьэ сүрэхтэнэн-бэлэстэнэн, бэрэбинэлэри боротуохаҕа үҥкүрүтэн түһэрэн истилэр. М. Доҕордуурап
сөбүлэт= (Якутский → Русский)
возвр. от сөбүлээ = нравиться, располагать чём-л.; кини үлэһитинэн сөбүлэттэ он понравился своим трудолюбием.
сүрэх-бэлэс (Якутский → Якутский)
аат. Туохха барытыгар көхтөөх, дьаһаллаах буолуу; үлэни-хамнаһы өрө тутуу, үлэһит буолуу. ☉ Позитивный настрой; трудолюбие. Олоххо сүрэх-бэлэс улаханы быһаарар
□ Табаарыһым сүрэҕэр-бэлэһигэр ымсыырабын. П. Аввакумов
Агент үлэтэ тус бэйэ сүрэҕиттэн-бэлэһиттэн, дьону кытта хайдах сыһыаннаһан кэпсэтэриттэн, итэҕэтэриттэн улахан тутулуктаах. «Кыым»
♦ Сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт — туохха барытыгар олус көхтөөх, дьаһаллаах; үлэни өрө туппут, олоро түһэр диэни билбэт. ☉ Проявляющий инициативу, хватающийся за всё с энтузиазмом; очень трудолюбивый, работящий. Бу уол барыгабары сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт
□ «“Анаан ураҕас быстан” буола-буола, сүрэхтэрэбэлэстэрэ бэрт ээ кинилэр», — абатыйда Дьэллик. Н. Заболоцкай. Сүрэҕэбэлэһэ киирбит — урут сүрэҕэлдьиир бэйэтэ күүскэ үлэлииргэ соруммут. ☉ Он стал усердно трудиться, проявлять трудолюбие (хотя раньше такого не замечалось)
Сүөдэр сүрэҕэ-бэлэһэ киирбит, тиэтэйбитэ сүр. М. Доҕордуурап
[Айаан] урут олус сүрэҕэлдьиир бэйэтэ, дьэ сүрэҕэ-бэлэһэ киирэн, аҕата тиэйбит саһаан маһын ийэтэ сөбүлүүрүнүү синньигэс гына хайытан, сааһылаан дьонуттан хайҕаммыта. Н. Габышев. Сүрэх-бэлэс киһи — олус үлэһит, сүрэхтээх киһи. ☉ Очень трудолюбивый человек. Мөдөөт курдугун көрүмэ, интикэҥ сүрэх-бэлэс киһи
□ Буркун, учуутал киһини кыра оҕо курдук хайгыыр солуута суох да буоллар, кыайан туттуммата: «Атаһым дьэ сүрэх-бэлэс киһигин!» — диэн баран санныттан ыга кууһан ылла. И. Гоголев
Ээ, Ларисаҥ киһитинэн үчүгэй ээ. Элэккэй бөҕө, көнө, судургу, сүрэх-бэлэс бөҕө киһи — тугу барытын сатыыр даҕаны, кыайар даҕаны. В. Яковлев. Сүрэх-бэлэс муҥутаан үгэрг. — дьаһаллаах, үлэһит муҥутаан («онтон кини хаалыа дуо?» — диэн этии.) ☉ Экий трудяга, как же без него (обычно о человеке, с энтузиазмом участвующем в веселье, развлечении). Сүрэх-бэлэс муҥутаан үлэтигэр ылсыбытынан барда
□ «Сүрэх-бэлэс муҥутаан олоруо үһү дуо, дьэ кини? Кимхайа иннинэ ойдоҕо эбээт!» — диэн эмээхсин кийиитин мөҕүттэ олордо. «ХС»