дьүһ. туохт. Маҥан, үрүҥ буолан, туртайан көһүн. ☉ Быть, казаться ослепительно белым, выделяться ярко-белым цветом
Куобах ойуур быыһынан үрүҥ мээчик курдук сүүрэн туналыйда. Н. Якутскай
Таһырдьа Саха сирин үрүҥ түүнэ туналыйбыт. Сирхаллаан бүтүннүүтэ чараас да чараас үүт-үрүмэ салгынынан бүрүллүбүт курдук. Софр. Данилов
Саҥа түспүт ыраас хаар туналыйар. Н. Лугинов
ср. монг. тунгалаг ‘чистый’, с.-юг. туҥнал ‘просвечивать насквозь’
Якутский → Якутский
туналый
тунал
- аат., поэз. Туох эмэ маҥхайыыта, тунаарыыта (хол., айылҕа көстүүтэ). ☉ Белизна чего-л. (напр., природного явления)
Халлаан кэрэтэ, тоҥ былыт тунала, Ый сырдыгын ырааһа манна баар. Л. Попов
Сыгынньах атаҕым бөҕүөрэн, үөр чыычаах уһуктуор диэритин Сааскы түүн туналын бүрүнэн өһөстүк кэспитим от сиигин. И. Гоголев
Чохоон курдук ый тахсан, Тунал дуйдуур сыа хаары... М. Тимофеев - даҕ. суолт. Маҥан, үрүҥ буолан, туртайан көстөр. ☉ Отливающий белизной. Күндэли алаас үрдүнэн — үрдүк, тунал халлаан. Л. Попов
Чуумпурбут мин түүҥҥү куоратым үрдүнэн Тунал ый уһунна тыаһа суох эрдинэн. М. Хара
Тула өттүҥ тунал хаар, халлаан эмиэ хаар өҥүнүү сып-сырдык. С. Дадаскинов
◊ Тунал маҥан — олус сырдык, сыдьаайан көстөр, эриэнэ-эгэлгэтэ суох үпүрүҥ. ☉ Белый-белый, ослепительно белый
Тунал маҥан хайалар Тунаарыһан тураллар. Л. Попов
Хайаттан саамай үрдүгэр Хаар баар буоларын умнума. Онон хата киэн туттуохха Тунал маҥан баттаҕынан, Үрдээһин бэлиэтэ диэххэ, Баттах маҥан буоллаҕына. И. Эртюков
Тунал ыһыах — тунах ыһыах диэн курдук (көр тунах). Тунал ыһыах туругурда, күндүл ыһыах күөрэйдэ. Т. Сметанин
ср. бур. тонол ‘блеск; блик’
Якутский → Английский
тунал
a. shining white; туналый= v. to become white, turn white; to shine; туналыт= v. to make white; to make shine
Якутский → Русский
туналый=
образн. быть, казаться ослепительно белым; выделяться ярко-белым цветом; тула хаар туналыйар вокруг ослепительно белеет снег.
Еще переводы: