туохт. Тугунан эмэ (хол., арыынан) бүрүлүн. ☉ Быть сдобренным чем-л. (напр., маслом)
Мин ол эрэ ыһыахха кытыт биэ үүтүттэн оҥоһуллубут, арылхай буспут арыынан тунахтаммыт, кырылыы кыынньа сылдьар кымыһы испитим. БС ЫА
Якутский → Якутский
тунахтан
тунах
- аат., эргэр.
- Сайын эрдэ, үрүҥ ас дэлэйиитэ; ол кэмҥэ үрүҥ аһы тэниччи тардан тэриллэр ыһыах. ☉ Молочная пища, обилие молочных продуктов в пору отёла; якутский летний праздник с обилием молочной пищи, кумыса
Тураҕас биэбит Тунаҕа барҕардын, Улаан биэбит Уйгута дэбилийдин. С. Васильев
Баай Барыылаах Тойон эһэм! …… Аҕам ынах хаһаас арыытынан, Туҥуй бургунас чулуу тунаҕынан — Аһатан-сиэтэн эрэбин. «Чолбон»
«Бэйэм биэбин ыыбын, тунахха кымыһынан аһаары», — дии-дии, оҕонньор бакыллан турда. «ХС» - көсп. Туох эмэ биир кэм туртайан, тунааран көстүүтэ. ☉ Пелена, завеса, покров, марево
Сайыҥҥы күөх тунах түһэн эрэр. П. Тобуруокап
Киэҥ халлаан күөх тунаҕынан унаарыйар. И. Данилов
Бары барыта туус маҥан тунахха сууламмыт. Н. Борисов - даҕ. суолт. Биир кэм туртайан, тунааран көстөр. ☉ Молочно-белый
Түптэ тунах буруотунан унаарыйар хараан түүннэргэ күөх налыыга үрүҥ, хара сүүрүктэр үөрдээн киирэн аһыыллар. П. Степанов
Тыаны, чыыстайы сырдатар Туос маҥан тунах лабыктам! М. Тимофеев. Үрүҥ тунах былыттар Үөһэнэн усталлар, Аллаах сэлиик долгуннар Аллара сырсаллар. Хоһоон т.
◊ Тунах ыйа кин. — бэс ыйа. ☉ Месяц изобилия молочной пищи в пору отёла — июнь
[Бэс ыйын сүүрбэ биир күнэ] тунах ыйын иккис аҥаара — биһиги тыйыс хотугу кыраайбыт саамай кэрэ кэмэ. Софр. Данилов
Хаҥаластар окко ким-хайа иннинэ киирбиттэрэ, уу ылар уохтаах буоругар тунах ыйыгар от уһуу охсоро. «Чолбон»
Тунах ыһыах — тунах 1 1 диэн курдук. Дэлэй ыһыах тэлгэннэ, тунах ыһыах туругурда. Саха фольк. Буойуннар эргиллибиттэрэ. Кыайыы өргөһүн өрө туппуттарга тунах ыһыах ыһыллыбыта. «ХС»
Үрүҥ (тунах) илгэ көр илгэ I. Үрүҥ тунах илгэ Үллэ-балла сүүрбүт. Күннүк Уурастыырап
Үрүҥ илгэ тунаҕынан Үлэ дьонун Үөрдэбит, Сүөгэй, арыы, кымыс гынан Күүс-уох уган биэрэбит. Дьуон Дьаҥылы
Якутский → Русский
тунах
редко молочная пища; үрүҥ тунах үксүүр кэмэ период изобилия молочной пищи; тунах ыһыах "молочный ысыах" (весенний праздник).
Еще переводы: