Якутские буквы:

Якутский → Якутский

туоллаҥнаа

туоллай диэнтэн б
тэҥ көстүү. Аһаан-сиэн чалбараҥнаан, тотон-ханан туоллаҥнааннар олордулар тойонноох хотун. ПЭК ОНЛЯ III
Бу эмээхсин …… күөх хонуу устун хааман туоллаҥнаатаҕына, хонуу ньуура хотолдьуйарга дылы гынара үһү. Саха сэһ. 1977


Еще переводы:

чалбараҥнаа

чалбараҥнаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Элбэх, араас аһы-үөлү дэлэйдик, ыһа-тоҕо аһаа. Угощаться обильной едой; излишествовать (в еде), есть и пить чрезмерно
Аһаан-сиэн чалбараҥнаан, тотонханан туоллаҥнааннар олордулар тойонноох хотун. ПЭК ОНЛЯ III
Күөһү хоторон киэһэни быһа аһаан-сиэн чалбараҥнаатылар. Болот Боотур
Биһиги собону үөлэрин үөлэн, буһарарын буһаран, аһаан-сиэн, чалбараҥнаан бардыбыт. Р. Кулаковскай
2. Улахан булду (хол., эһэни) өлөрөн баран аһаа, малааһынна тэрий, курумнаа. Устраивать пир по поводу добычи крупного зверя (напр., медведя)
— Дьэ чалбараҥнаатыгыт? — Тугуй ол? — Оттон курум? — Өйдөөбөтүм. — Эһэни өлөрөн баран аһааһын. Далан
Курум буһарынан чалбараҥнаабыттара. Куоталаһа-куоталаһа ким хайдах ыппытын кэпсээн-ипсээн үллэҥнэспиттэрэ. С. Тумат