Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тыһаҕастаа

туохт. Кимиэхэ эмэ тыһаҕаста анаа, биэр. Обеспечить, наделить кого-л. двухгодовалым бычком или тёлкой
Эрэйэ-хоргута барыа диэн, Эдэр анах энньэлээтилэр; Тыынньа иитимньитэ гыннын диэн, Тыһы тыһаҕастаатылар. Өксөкүлээх Өлөксөй


Еще переводы:

тыһаҕастан

тыһаҕастан (Якутский → Якутский)

тыһаҕастаа диэнтэн бэй. туһ. Уйбааннаах быйыл уонча тыһаҕастаммыттар
Онон сүүс уон икки тыһаҕастанан Хатыҥнаах сайылыкка көһөн тахсыбыта. «ХС»

тыынньа

тыынньа (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Элбэх иитимньи (үксүгэр оҕо-уруу, кыамматтүгэммэт аймах туһунан этэргэ). Большая семья, многочисленные иждивенцы (обычно о детях, немощных родственниках)
Эрэйэ-хоргута барыа диэн, Эдэр анах энньэлээтилэр; Тыынньа иитимньитэ гыннын диэн, Тыһы тыһаҕастаатылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сорох ардыгар тарбахтарбын быһыталаан кэбиһиэхпин баҕарталыыбын. Оччоҕо мин тыынньаларбын ким иитэлиэй диэн туттунабын. «Чолбон»
Ярмолаттан аккаастанар туһунан санаталаан барбытым... Ону, кини тыынньата олус элбэҕэ бэрдиттэн, аһынан сылдьыбытым. А. Куприн (тылб.)