Якутские буквы:

Якутский → Русский

тыһыынча

тысяча; тыл хаалыан кэриэтэ тыһыынча бардын погов. чем нарушить данное слово, лучше лишиться тысячи (рублей).

Якутский → Якутский

тыһыынча

  1. төһө ахс. аат. 1000 сыыппараны, ахсааны бэлиэтиир тыл. Слово, обозначающее число, цифру 1000, тысяча
    Сопхуос табатын ахсаана билигин түөрт сүүстэн тахса тыһыынча. Н. Якутскай
    Тыһыынча тоҕус сүүс уон тоҕус сыллаахха Тыаллаахха, тымныыга, Муус күһүн, Хаардаах күн Төрөөбүт үһүбүн Биир дууһа, Биир киһи, Биир саха — Мин. П. Тобуруокап
    «Өйдөөбөтүм, чэ, быһата уонча тыһыынчаҕа тиэрдэн баран, аахпатаҕым», — диир Дьэллик, быыкаа тимир хамсатын оборо олорон. Н. Заболоцкай
  2. аат суолт. Тыһыынча солкуобай. Тысяча рублей
    «Ону оҥордоххутуна оччо тыһыынча, маны бүтэрдэххитинэ бачча тыһыынча», — диэн тылларын тамаҕар быһа барбах тыһыынчанан эрэ эҥсиллэр. Н. Лугинов
    «Улахан хара дьааһыкка тыһыынча түөрт мөһөөх суох этэ дуо?!» — диэн тойон кускуйан биэрэр. Эрилик Эристиин
  3. даҕ. суолт. Олус элбэх, ахсаана биллибэт. Многочисленный, неисчислимый
    [Борокуот аал] Тыһыынчанан биэрэстэни Тыынан көрбөтө, Сүүһүнэн көскө Сүүрэрин мөлтөппөтө, Эппит сиригэр иттэ, Анаабыт сиригэр аҕалла! Өксөкүлээх Өлөксөй
    Тыһыынчанан уу таммаҕа биһигини тула күн уотугар өрө чаҕылыйан күндү таас кыырпахтарын курдук бырдаҥаластылар. И. Данилов
    Тыһыынчанан киһини өлөрбүттэр уонна бааһырдыбыттар. В. Ленин (тылб.)
    Бэстилиэнэй тыһыынча көр бэстилиэнэй
    «“Бэстилиэнэй тыһыынча” туолара аҕыс уонча эрэ сыл хаалла», — диэн биир үөрэхтээх киһи эппит. Амма Аччыгыйа
    Тойон таҥара! Бэлиэр бэстилиэнэй тыһыынча туолан эрэр дуо? М. Доҕордуурап
    русск. тысяча

Еще переводы:

полтысячи

полтысячи (Русский → Якутский)

мест
тыһыынча аҥара

тысячная

тысячная (Русский → Якутский)

мест
тыһыынча гыммыт биирэ

тысячелетие

тысячелетие (Русский → Якутский)

с. 1. (срок) тыһыынча сыл; 2. (годовщина) тыһыынча сыла туолуута.

тысячелетний

тысячелетний (Русский → Якутский)

прил. 1. (о сроке) тыһыынча сыллаах; тысячелетний период тыһыынча сыллаах кэм; 2. (о возрасте) тыһыынча саастаах; 3. (о годовщине) тыһыынча сыла туолар; тысячелетний юбилей тыһыынча сыла туолар юбилейа.

миллиграмм

миллиграмм (Русский → Якутский)

м. миллиграмм (грамм тыһыынча гыммыт биирэ).

миллиметр

миллиметр (Русский → Якутский)

м. миллиметр (метр тыһыынча гыммыт биирэ).

киловатт

киловатт (Русский → Якутский)

м. киловатт (электрическэй ток кыамтатын тыһыынча вакка тэҥнээх единицата).

тысячный

тысячный (Русский → Якутский)

  1. числ. тыһыынча туолар,тыһыын-чаны толорор; 2. прил. (получаемый от деления на тысячу) тыпыынча гыммыт; тысячная доля тыһыынча гыммыт биирэ; 3. прил. (измеряемый тысячами) тыһыынчанан (ахсааннаах); тысячная толпа тыһыынчанан дьон.
итого

итого (Русский → Якутский)

нареч. барыта, бүтүннүүтэ; итого в сумме тысяча рублей барыта биир тыһыынча суумалаах.

дьаатына

дьаатына (Якутский → Якутский)

аат., эргэр., хаарты. Хаарты оонньуутун көрүҥэ. Вид карточной игры. Отон тыксыылаах дьаатына диэн оонньууну булан уон биэс тыһыынчаны, хата, сүүйбүт, биир тыһыынча барыстаах буолбут. Саха фольк.