Якутские буквы:

Якутский → Русский

тэгил

тэгил дойду далёкая страна; тэгил дойдуга тэҥнээҕин булбатах фольк. он не нашёл равного себе даже в далёкой стране.

Якутский → Якутский

тэгил

I
даҕ. Тэҥ, атылыы. Одинаковый, равный, такой же
[Оонньоммут оруоллар] бары биир тэгиллэр. Хайатын да чорбоппоккун. Н. Лугинов
Эдэр тэгил титириктэр, Эркин курдук, кэккэлээбиттэр. Уһун дьылҕаҥ күөх тииттэр Ону кэтэҕинэн сэлэлээбиттэр. С. Васильев
[Былатыан] истибитин уонна аахпытын умнубатынан, көрбүтүн-билбитин ыһыктыбатынан бэйэтин тэгил саастыылаахтарыттан ойуччу турара. «ХС»
II
фольк. Ыраах, тэйиччи (дойду туһунан этэргэ). Далёкий, отдалённый (о стране)
Тэгил дойдуга тэҥнээҕин, хол дойдуга холооннооҕун булбатах (өс хоһ.). Тэгил дойдуларынан Тэлэһийэ сылдьан, Сахам сирин [саныыбын]. С. Гольдерова
Тэгил дойдуларынан тэлэһийэр киһи хайаан да биир эмэ омук тылын билэрэ наада эбит. «ХС»
Тэгил <уҥуохтаах> көр саар
Сотору хостон хара гражданскай көстүүмү тиирэ кэппит эт лахса, саар тэгил уҥуохтаах, хара бараан саха таҕыста. Софр. Данилов
Иккитэ тэгил уҥуохтаахтар, оттон үһүстэрэ чугас эргин суох улахан киһи. Далан
Иван Николаевич Кульбертинов …… тэгил орто уҥуохтаах, лаппычах курдук, бэйэтигэр сөп эттээх-хааннаах киһи. ССС
ср. эвенк. тэгээ ‘далёкий’, тэгээлээ ‘далеко’

угул-тэгил

даҕ., сөбүлээб. Ис дьиҥэ хайдаҕын биллэрбэт-көрдөрбөт, кубулҕат, киитэрэй. Изворотливый, скрывающий свои истинные намерения, идущий обманными путями
Майгы-сигили өттүнэн ылбаҕай, өйдөөх, угула-тэгилэ суох ыраас, өс киирбэх кыысчаан. ПБН БЭДь
Албын дьон саҥаран-иҥэрэн биэрбэттэр, быһаарыыта суох, угул-тэгил буолаллар. «ХС»

эгил-тэгил

  1. даҕ. Тэҥ сыһа, биирдиҥи, маарыннаһар (үксүгэр дьону сааһынан тэҥнииргэ). Равный, такой же, похожий, подобный (обычно о сверстниках)
    Саастарынан эгил-тэгил быһыылаахтар. И. Гоголев
    Хоту диэкиттэн үтэн киирбит тумул үрдүгэр икки эгил-тэгил кириэстэр анньыллыбыттарын көрөн, тохтуу түстэ. Эрилик Эристиин
    Уон биэһигэр сылдьар Рома эгил-тэгил саастаах уолаттарын тустан тулуппата, барыларын охтортуура. ПНИ ДКК
  2. сыһ. суолт. Тэҥҥэ, тэҥ соҕустук, араа-бараатык. Наравне, примерно одинаково с кем-л. (быть)
    Бары сылысыллатааҕы буолан, эгил-тэгил улаатан моторуһан тахсыбыттара. Н. Лугинов
    Уоллаах кыыс күөх ньаассын көбүөрүнэн тэлгэммит кырдал хонуу устун эгил-тэгил үктээн хаамса турдулар. «ХС»
    Аһара чэпчэки ыйааһыҥҥа эгил-тэгил тустар маастардары …… ылан көрүҥ. «Кыым»

Еще переводы:

коренастый

коренастый (Русский → Якутский)

прил. 1. (о человеке) саар-тэгил, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, силиргэх курдук; коренастый мужчина саар-тэгил киһи; 2. (о дереве) чаҕылах.

тип

тип (Русский → Якутский)

м.

  1. (вид) тэгил, тиип, көрүҥ; типы самолётов самолёттар көрүҥнэрэ; типы слов - тыллар тэгиллэрэ.

  2. лит., иск. тип.

тэмтэҥнэс

тэмтэҥнэс (Якутский → Якутский)

тэмтэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Тэгил дойдуттан Тэҥнээхтэрэ буоламмыт Тэмтэҥнэһиэх этибит. П. Ойуунускай

тэмтэс

тэмтэс (Якутский → Якутский)

тэмтэй диэнтэн холб. туһ. Тэгил дойдуттан тэҥнээхтэр Тэмтэспитинэн бардылар, Хол дойдуттан холоонноохтор Холоспутунан бардылар. П. Ядрихинскай

саар

саар (Якутский → Русский)

I : саар тэгил уҥуохтаах среднего роста, плотный, коренастый (о человеке); саар булгунньах большой, внушительного вида курган; саар ыаҕас уст. большой берестяной сосуд (вмещавший до 5-ти вёдер).
II поэт. царь.

лаҕыай

лаҕыай (Якутский → Якутский)

лаҕыай буол — лааҕы: лааҕы буол 1 диэн курдук
Лаҕыай буолбут баата ыстааннаах, таба тыһа этэрбэстээх саар тэгил киһи чэпчэкитик хааман кэллэ. Н. Габышев
Лаҕыай буолбут хара чаанньык итииргээтим диэбиттии, итии паарынан өрүтэ уһуурбахтаат, хаппаҕын дуомун харса суох лабыгыратан барда. «ЭК»

ньомньоҕор

ньомньоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Үмүрүйэн, кыратык уһаан көстөр (киһи сирэйин алын өттүн этэргэ). Узкий, слегка выступающий вперёд (о нижней части лица)
Намыһах уҥуохтаах саар-тэгил, артыыстыы хоруммут сирэйдээх, ньомньоҕор сэҥийэлээх этэ. А. Чехов (тылб.)

эгдэрэҥнэс

эгдэрэҥнэс (Якутский → Якутский)

эгдэрэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Толоон илиҥҥи тыатын саҕатыттан биэс-алта аттаах дьон төбөлөрө эгил-тэгил эгдэрэҥнэһэн, киирэн иһэллэрэ көһүннэ. Эрилик Эристиин
Баара аттар, кырыатаммыт самыылара тэҥҥэ эгдэрэҥнэһэн, солобуода кыараҕас уулуссатын устун баран истилэр. «Чолбон»

элэйтэлээ

элэйтэлээ (Якутский → Якутский)

элэй диэнтэн төхт
көрүҥ. Кырдьа былаан, баттахпыт Кыырыктыйан маҥхайбыт, Эрэһэлээх тиистэрбит Элэйтэлээн эрэр эбит. Күннүк Уурастыырап
Онон-манан элэйтэлээбит андаатар тириитэ бэргэһэлээх, саар тэгил уҥуохтаах киһи уулусса устун аа-дьуо хааман иһэр. Н. Апросимов

боторус

боторус (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Бэйэҥ бараллааларгын кытта бииргэ сүүрэн эбэтэр түргэнник хааман эгил-тэгил буолан көһүн (улаата илик оҕолору эбэтэр сүөһү, кыыл оҕолорун этиллэр). Бросаться в глаза своими некрупными одинаковыми фигурами (о детях или детенышах животных, бегущих или быстро идущих группой). Оҕолор сырсан боторустулар. Тэҥн. бөтөрүс