тэгилит диэнтэн хай. аата. Итинник уобарастаан, таайтаран этиини тэгилитии дэнэр
Якутский → Якутский
тэгилитии
тэгилит
туохт. Тугу эмэ уобарастаан, таайтарыылаах ис хоһоонноон эт, көрдөр. ☉ Выражать, представлять что-л. образно, фигурально
Кылгас сытыы тыллаах үгэлэргэ бүгүҥҥү олох итэҕэстэрин тэгилитэн көрдөрөр бэргэнник ойууламмыт Бэдэр бэрэдэбиэстэр, былыт эркээйилээх Элиэлэр, наһаа хайҕанан кутуйахтыырын тохтоппут Куоскалар эҥиннэр бэрт элбэхтэр. Н. Тобуруокап
Күнү саҥарар саҥаҕа, ордук ырыаҕа-тойукка, уус-уран айымньыга тэгилитэн, уобарастаан этии быһыытынан туттуу билигин да мөлтөөбөт. КНЗ СПДьНь
Холобур, тыаны сылгы сиэлин-кутуругун, мастары — тойон, хотун дьоннору кытта тэҥнээһин; сылгы үөрүн «үрүҥ сүүрүк», ынах үөрүн «хара сүүрүк» диэн тэгилитэн ааттааһын. СЛ-8
Еще переводы: