Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тэгэлдьий

дьүһ. туохт. Сыыдамнык, чэпчэкитик хамсанан хаамп. Идти, шагать энергично, легко
[Быыра] Уолугунан тыынан, Уһугунан дугунан Ууннарда оҕустарда, Тэгэлдьийэ тэлэһийдэ. К. Туйаарыскай
Кутузов оҕонньор накылдьыйа, тэгэлдьийэ хааман кэлэн, бөлөххө киирэн, аҕабыыт кэннигэр турунна. Л. Толстой (тылб.)


Еще переводы:

ньэлгэй

ньэлгэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Уойан кэтирээбит, үллүбүт көрүҥнэн (киһи сирэйин этэргэ). Стать толстым, расплывшимся от ожирения (о лице человека)
Тэппэй Хасхаан ньэлгэйбит сирэйин, өһүөмньүлээх кыараҕас харахтарын өйдүү түстэ. Далан
Оттон бу киһи хаһата өрө үтэн, моҕоҕо хантаччы анньан, уоһа сыллайан, сирэйэ ньэлгэйэн — барыта атын. Болот Боотур
Ньэлгэйбит сирэйигэр аҥаар хараҕа уолан, туртайан хаалбыт Кутузов оҕонньор накылдьыйа, тэгэлдьийэ хааман кэлэн, …… аҕабыт кэннигэр турунна. Л. Толстой (тылб.)