көр дэллэрит
Дьахталлар оҕолорун илиилэриттэн сиэтэн тэллэриппитинэн хаҥас диэки сырыстылар. А. Фёдоров
Якутский → Якутский
тэллэрит
Еще переводы:
сиэт (Якутский → Якутский)
I
туохт. Кими-тугу эмэ илиититтэн (быатыттан о. д. а.) тутан бэйэҕин кытта тэҥҥэ эбэтэр батыһыннары хаамтар. ☉ Вести кого-л. за что-л. (напр., человека за руку, лошадь за удила)
Коля атын тэһииниттэн сиэтэн истэ. Л. Попов
Кыыс ыттарын сиэтэн киһи суолугар тиийэр. Н. Якутскай
Дьахталлар оҕолорун илиилэриттэн сиэтэн тэллэриппитинэн хаҥас диэки сырыстылар. А. Фёдоров
♦ Муннуттан сиэт көр мурун
Чэй эрэ, норуоккун муннуттан сиэтээри — Сааланан-саадахтанан Сабардаан кэлбит Хаанымсах фашистары Хаба ортолорунан Хараҕалыы анньаҥҥын, Сытыы бииҥ устун Сылаас хааннарын Сыккырат эрэ, кылыһыам! С. Васильев
Холкуос уолаттарын муннуларыттан сиэтэр эмиэ улахан буоллаҕай! М. Доҕордуурап
◊ Оҕуста сиэт — сир тиэриитигэр, от үлэтигэр көлүллүбүт оҕуһу салай, салайа сырыт. ☉ Управлять запряжённым быком во время пахоты, сенокоса
[Тиитэп:] Эн оҕус сиэтиэҥ, мин суха тутуом. А. Софронов
Ол …… быыкаайык сонуокка аҕам биһикки бурдук ыһар буоларбыт, мин оҕус сиэтэрим. Суорун Омоллоон
Быйыл сайын аҕабын кытта от мунньуһабын, от кэбиһэллэригэр оҕус сиэтэбин. Н. Якутскай
ср. др.-тюрк. йет ‘вести, тянуть (за руку, за поводок)’, осм. йэд ‘вести в поводу’
II
1.
сиэ диэнтэн дьаһ. туһ. Эн астаан саламаат сиэппитиҥ Саас үйэ санааҕа сылдьара. Эллэй
Ананий! [Ынахпын] хайа түөкүн баайан бырдахха сиэттэҕэй? Н. Якутскай
Быйыл күһүн уонча куртуйаҕы сиэппитэ. Суорун Омоллоон
Тамыйахха сиэтиэҕи отто тиэй. М. Доҕордуурап
Ийэбэр үтүлүкпүн сиэппиппин эппэтим. Н. Тарабукин (тылб.)
2. Кытардыллыбыт тимири, тимир оҥоһук чаастарын ыпсар өттүлэринэн уһааран, бэйэ-бэйэлэригэр холбуу сыһыар. ☉ Соединить путём сварки, сварить
[Саха уустара] тимири тэһиппэккэ уһаараллара, иһэрдэллэрэ, сиэтэллэрэ. «ХС»
Тиһэх, бүтэһик турбалары эмиэ мин сиэтиэм. В. Ажаев (тылб.)
3. кэпс. Бараа, сүтэр (бириэмэни). ☉ Тратить, терять (время)
[Оҕонньор] холкуос кэнсэлээрийэтигэр олорон күнүн аҥаарын сиэттэ. Р. Кулаковскай
Оҕолор элбэх бириэмэлэрин сиэттилэр. Хорсуттар с. Хайа илиҥҥи сирэйэ …… сүрдээх эмпэрэ туруору этэ. Инньэ гынан араастаан эрийэн-буруйан түспүппүт, элбэх бириэмэбитин сиэппиппит. В. Арсеньев (тылб.)
♦ Баайда сиэт эргэр. — мунньуммут баайгын-дуолгун кимиэхэ эмэ анаа, хааллар. ☉ Оставлять накопленное богатство кому-л. в наследство
[Уйбаан:] Уолбуттан киһи быһыылаах киһи тахсыбата, онон киһи, оҕо оҥостон баайбын сиэтиэм этэ диир. А. Софронов
Иккис уолга, Дьаакып диэннэр, Эһэтин аатын биэрбиттэр. Онон кутун тутаннар, Оҕолоругар дьоно аах Оҕонньортон баай сиэтэргэ Оҥостуммут эбиттэр. Күннүк Уурастыырап. Сыата сиэт кэпс. — кэргэн тахсан (ылан) уруугар ыалдьыттат, урууҥ аһыттан аһат. ☉ Пригласить на свою свадьбу, угощать на своей свадьбе
Хор оҕом бэлиэр сыа сиэтэр дьахтар буоллаҕа, аны арыгы амсатыа. Суорун Омоллоон
Аһаттыбыт-сиэттибит диэн төлөбүр эрэйиэхпит суоҕа. Хайа, итиэннэ эргэ тахсан сыа сиэтиэххит буоллаҕа дии! «ХС»