Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тэпсэҥнээмэхтээ

тэпсэҥнээ 1, 2 диэнтэн тиэт
көрүҥ. Киһи саҥата суох атын тула тэпсэҥнээмэхтээтэ. Н. Заболоцкай
Улахан олурҕа балаһыанньаҕа түбэһэн, суол ааныгар тэпсэҥнээмэхтээн ыллым. С. Федотов
Ньукуусчаан, саараабыттыы, тэпсэҥнээмэхтээн баран, …… аргыый үөһэ таҕыста. «ХС»


Еще переводы:

хайыспахтаа

хайыспахтаа (Якутский → Якутский)

хайыс II диэнтэн тиэт
көрүҥ. Ат моонньун бүгүллэҥнэтэр, туора хайыспахтыыр. Амма Аччыгыйа
Владимир Михайлович Туймаада уҥуоргу мырааннарын үрдүк мэҥэ халлаан диэки хайыспахтаата. Софр. Данилов
Доропуун оҕонньор симиттибит омунугар биир сиргэ тэпсэҥнээмэхтээн, кэннин хайыспахтаан ылла. Н. Заболоцкай

һым

һым (Якутский → Якутский)

саҥа алл. Көхсүгүн этитэргэр биитэр күөмэйгин оҥосторгор тахсар саҥаны бэлиэтиир. Выражает покашливание, кряхтение (напр., перед выступлением)
«Һым!» — Мииккэ көхсүн этиппэхтээтэ. А. Софронов
Һым ... Эдэрдэр олоҕу билбэккит, наһаа чэпчэкитик, атаахтык үөскээтигит диэн сорох кырдьаҕас дьон хомуруйаллар ээ. И. Гоголев
[Исиидэр Сэмэнэбис] өр турбутуттан атаҕа сылайбыт киһилии туттан, тэпсэҥнээмэхтээн ылла, сутуругун уоһугар тиэрдэн көхсүн этиттэ, күөмэйин «һым» диэн оҥоһунна уонна тыастаахтык өрө тыынна. П. Аввакумов