Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тэрэҥнэс

тэрэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Аттар мөхсө-тахса, харахтара дьэргэлдьиһэ, кулгаахтара тэрэҥнэһэ турдулар. Амма Аччыгыйа


Еще переводы:

дьэргэлдьий

дьэргэлдьий (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Киһи хараҕар олус түргэнник элэҥнээн, дьиримнээн көһүн. Мелькать, мельтешить перед глазами
Дьэс эмэгэтэ Дьэргэлдьийэ эргийдэ. П. Ойуунускай
Дьэргэлдьийэн көстөр дьэрэкээн ойуулаах киэҥ толоон ортотунааҕы ыстаансыйа чугаһаан кэллэ. Эрилик Эристиин
Дэбилгэннээх Лена уста, Дьэргэлдьийэ хамсыы сытта. И. Федосеев
Хаар түһэн дьэргэлдьийдэ. П. Аввакумов
2. Биир сиргэ чопчу тохтообокко сытыытык тула көрүөлээ, сүүрэлээ (харах туһунан). Быстро менять направление взгляда, бегать (о глазах)
Аттар сайыһар быһыынан …… мөхсө-тахса, харахтара дьэргэлдьийэ, кулгаахтара тэрэҥнэһэ турдулар. Амма Аччыгыйа
Бүөтүр диэн оройкомуол бүрүөтүн чилиэнэ, дьэргэлдьийбит сытыы харахтаах уол миигин кытта эмтэнэ сытара. И. Гоголев
«Үлэлиибит, үлэлиибит!»- диэт лиэкэр Сеня оҕолуу чоҕулуччу көрбүт хараҕа, мэниктээри гыммыттыы дьэргэлдьийэ түстэ. А. Сыромятникова
3. Кэлэн-баран элэстэнэн сытыы, чобуо, барыга-бары сэргэх буол. Быть деятельным, активным во всем, бойким, полным жизненной энергии
Бандьыыттарга саа тутан дьэргэлдьийэ сылдьаҥҥын бу оҕонньор соҕотох аттааҕын ытатан-соҥотон былдьаан ылбыт сурахтааҕыҥ. Софр. Данилов
Турбут-олорбут оҕо дьон одьунаастара сүүрэн-көтөн хоролдьуһан, этэн-тыынан дьэргэлдьийэн ахан эрэллэр. И. Гоголев
Матаҥныырап үөрэн-көтөн дьэргэлдьийэн кэлэн, илии тутуһан ибигирэттэ. В. Протодьяконов