I
аат. Кимиэхэ эмэ доҕор, табаарыс. ☉ Чей-л. приятель, друг, товарищ
Атас туһугар атах тостор (өс хоһ.). «Олус көмүскээмэ, атас, бэйэҕэр сыстыа», — диэн саайда Ваня. Амма Аччыгыйа
[Ыаллара] тиийэн кэлэллэрин кытта, суккун сонноох Суут албын: «Доҕоор, атастарым кэллилэр, күөстээ эрэ», — диир. Суорун Омоллоон
Испирдиэн былыр мин аҕам саамай истиҥ атаһа этэ. С. Ефремов
ср. тюрк. адаш, ат даш ‘тезка’
II
аат., эргэр. Мэнэйдэһии; туох эмэ хардата, төлөбүрэ (малынан, нотууранан). ☉ Мена, обмен; замена, оплата (натурой)
Ол атаһы кинилэргэ табах биэрэр. Оҕуспутун атаһа да суох уларсыахпыт. ПЭК СЯЯ
III
аат., харыс т. Киис атыыра. ☉ Соболь-самец
Атас эбит. Өҥтүү мааны. СГФ СКТ