Якутские буквы:

Якутский → Якутский

түрдэҥнээ

туохт.
1. Түүрүллэҥнии хамсаа, күүрэн түүрүтэ тардыталаа (хол., сирэйи этэргэ). Кривить лицо, хмуриться, сводя брови к переносице, напряжённо морщиться
[Максим] субу-субу хараҕа уоттанан, хааһа түрдэҥнээн кэлэр, көхсүн этиппэхтиир, түөһүгэр сыһыары туппут модьу-таҕа сутуругун өссө күүскэ ыгыта туппахтыыр. П. Филиппов
Кулуба сирэйэ уокка бырахпыт сарыылыы түрдэҥнээтэ, ытаан ыгыллаҥнаата. «ХС»
Кыыһыр, ыгымсый. Нервничать, раздражаться. Кыраҕа да кыыһыран түрдэҥниир идэлээх
2. Имиллэҥнээ (хол., таҥаһы этэргэ); өҕүллэҥнии мөҕүс (хол., чараас имиллэҥнэс тугу эмэ этэргэ); долгуннура хамсаа (ууну этэргэ). Заминаться (напр., о ткани); корёжиться, упруго сгибаться (напр., о тонком, легко гнущемся материале); волноваться (о водной поверхности)
Куһаҕан хотуур бүтэйдиҥи, дэбдиргэс, …… тууратыттан баттыалаатахха иэдэһэ имиллэҥниир, түрдэҥниир буолар. ААФ ОИОИС
Эрчимнээх дайбааһынтан эрдии салбаҕын суола чүөмпэҕэ төттөрү эриллэн, түрдэҥнээн, төгүрүйэн хаалар. Н. Заболоцкай
ср. хак. тирденъне ‘петушиться’, кирг. тиртеҥде ‘напрягаться; нервно подёргиваться; раздражаться, злиться’

Якутский → Русский

түрдэҥнээ=

1) напряжённо морщиться (о мышцах лица); 2) корёжиться, гнуться, кривиться (о горящей берёсте и т. п.).


Еще переводы:

түрдэҥнэс

түрдэҥнэс (Якутский → Якутский)

түрдэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Андреевич күп-күөх дириҥ харахтара өссө антах чөҥөрүһэн, сырдык көп хаастара сабыста-сабыста өрө-таҥнары түрдэҥнэстилэр. П. Филиппов

топорщиться

топорщиться (Русский → Якутский)

несов. 1. (о шерсти, волосах) адаарый, өрө тур, өрө тура сырыт (хол. ваттах); 2. разг. (о животных) түүгүн адаарыт, арҕаһыҥ түүтүн туруор; 3. (торчать, коробиться) дордой; платье топорщится былааччыйам дордойор; 4. перен. разг. (быть недовольным, строптивым) түрдэҥнээ, хадаардас.

түрдэҥнэт

түрдэҥнэт (Якутский → Якутский)

түрдэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Тулуйа сатаабыт оҕонньор хаһыытаан тоҕо барбыта, хааһын түрдэҥнэппитэ. Далан
Лэйтэнээн көхсүн этиттэ, миигин көрөн баран хааһын түрдэҥнэттэ уонна ытар сир диэки хаамта. Т. Сметанин. Тугутчаан ойдоройор Сиһин дуомун түрдэҥнэтэн, Туйахтара охсор-охсор Ыллык тааһын тибиргэтэн. Доҕордоһуу т.