субул. тыас туохт.
1. Үрүт-үөһэ «түт-түт» гынан тыаһаа (хол., тохтоло суох ытар тыас). ☉ Производить стрекочущие звуки, стрекотать, тарахтеть (напр., о выстрелах)
Саа тыаһа түүнү быһа түтүгүрээбитэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Чугастааҕы сарай үрдүттэн бөдөҥ бүлүмүөт түтүгүрүү түспүтэ. «ХС»
2. Үрүт-үөһэ түргэнник «түт-түт» диэн эрэр курдук түргэнник саҥар. ☉ Глухо, невнятно, монотонно говорить, бубнить
Дархан ойуун дөрүн-дөрүн сөтөллө-сөтөллө саҥаран түтүгүрүүр. И. Гоголев
Дугунар [киһи аата] айаҕа аһыллан, куртуйах охсорун курдук, кэпсээн түтүгүрүүр. Ф. Постников
Былаасый саҥата: «Мин барабын», — диэн обургутук түтүгүрээтэ. «Чолбон»
Якутский → Якутский
түтүгүрээ
Еще переводы: