туохт. Утуйа сытан тугу эрэ, туох буоларын көрөр, өйдүүр курдук буол, гын. ☉ Видеть сон, видеть во сне кого-что-л.
Эдэр-сэнэх эрдэхпинэ ол курдук дьиибэ түүлү түһээбиттээҕим. П. Ойуунускай
[Байбал:] Оннук буоллар үчүгэй этэ, ол эрээри мин сирэйинэн түһүүр үгэстээх этим. А. Софронов
Түһээтэхпинэ, аҕам куораттан кэлбит, кинигэ бөҕө аҕалбыт. И. Сосин
♦ Түһээн да баттаппат (көрбөт) көр баттат
Куоракка киириэн иннинэ кини кыбартыыра көстөрө маннык кытаанах буолуо диэн түһээн да көрбөтөҕө. Далан
Сэмэн миигин дьон тугунан эмэнэн сирэллэрэ буолуо диэн түһээн да көрбөт этэ. Н. Апросимов
[Нуучча] урут сахалар тустарынан түһээн да баттаппатаҕа чахчы. «ХС». Түһээн <да> көрбөтөх кэпс. — түүлгэр да киирбэтэх олус кэрэ, көрүөхтэн эриэккэс. ☉ Прекрасный, дивный, волшебный, такой, что даже во сне не снилось
Урут түһээн көрбөтөх дьоллоох олоҕу оҥостобут. Күндэ
Биһиги манна аҕыйах сыл иһигэр бу дойду олохтоохторо урут түһээн да көрбөтөх үчүгэй астарын үүннэрэр буоллубут. «ХС»
ср. др.-тюрк., тюрк. түш ‘сон, сновидение’
Якутский → Якутский
түһээ
Якутский → Русский
түһээ=
видеть сны; видеть во сне кого-что-л.; кини үчүгэй түүлү түһээбит ему снился хороший сон; бөөлүүн түһээн эйигин көрдүм этой ночью я видел тебя во сне.
Еще переводы: