Якутские буквы:

Якутский → Якутский

түһүмэхтээ

туохт. Тугу эмэ тохтуу-тохтуу салҕанан барар гын, түһүмэхтэрдэ оҥор. Делать что-л. частями, в несколько этапов
Университет эксээмэннэрин хас да түһүмэхтээн субуруччу ыыталлар. К. Уткин
Хас да түһүмэхтээн бастаан холкуостары, онтон сопхуостары бөдөҥсүтүү саҕаламмыта. «Чолбон»
Ити уураахтары олоххо киллэрэр инниттэн күрэх икки түһүмэхтээн ыытыллыбыта. «Кыым»


Еще переводы:

түһүмэхтэн

түһүмэхтэн (Якутский → Якутский)

түһүмэхтээ диэнтэн бэй
туһ. [Монгуоллар] ырыалара истиэп киэҥин курдук ыраахха диэри эймэнийэ, сүһүөх-сүһүөх түһүмэхтэнэн бара турар. И. Федосеев

нохто

нохто (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Сүрэх хайырҕаһа, сүрэхтэн тахсар хаан сүүрэр үөс тымырдара. Вена, аорта
Нохтолоох сүрэҕи м долгутан таптыам эрэ диэбэт этим. А. Софронов. Онуоха Ньургун Боотур Алып-Хара үөһүн сүрэхтэри-быардары көтүрү тардан таһаарар, уонна Туйаарыма Куо кута — үрүҥ көмүс чопчуну сүрэҕин нохтотугар сылдьарын хайа быһан ылан, хонноҕун анныгар уктан кэбиһэр. Суорун Омоллоон
Ол Серго көҥүлгэ ыҥырар саҥатын Нохтолоох сүрэхтиин долгуйан истэрбит. С. Васильев
Нохтолоох (тойон) сүрэх фольк. — норуот айымньытыгар сүрэҕи хоһуйар халбаҥнаабат эпитет. Постоянный эпитет сердца как жизненно важного орга на
Нохтолоох тойон сүрэҕэ Долгуйуоҕар диэри үөрдэ. Эллэй
Кини нохтолоох сүрэҕэ т о л у г у р у у м ө х с ө р ү н т у һ у н а н ыллыы-туойа иһэр. Амма Аччыгыйа
Ол хатыҥ чараҥҥа эн Туйаарыма Куону көрсүбүтүҥ, Нохтолоох тойон сүрэххинэн Үс түһүмэхтээн сүгүрүйбүтүҥ. Н. Босиков
ср. монг. ногт, алт. нокто ‘недоуздок’, уйг. нохта ‘повод, недоуздок’