Якутские буквы:

Якутский → Якутский

төкүнүҥнээ

төкүнүй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Өр күүттэрбит Мохсоҕол таба пиэрмэтин дьонун кытта бииргэ аргыстаһан төкүнүҥнээн иһэр этэ. Н. Заболоцкай
«Кэбис, мин онно сөбүлэспэппин», — Байдычан кыра төбөтө төкүнүҥнээтэ. А. Кривошапкин (тылб.)


Еще переводы:

төкүнүҥнэт

төкүнүҥнэт (Якутский → Якутский)

төкүнүҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. [Дьахтар] остуолга кэлэн тиэстэни бурдукка имигэстик төкүнүҥнэттэ, толору эттээх харыта хараарыҥнаата. Н. Габышев
Андрей Иванович, сүүһүн хаҥас илиитигэр өйөөн, эриэхэ туораахтары тарбаҕын төбөтүнэн төкүнүҥнэттэ. Сэмээр Баһылай

төкүнүҥнэс

төкүнүҥнэс (Якутский → Якутский)

төкүнүҥнээ диэнтэн холб. туһ. [Ынахтар] хонууга киирэн төкүнүҥнэһэ оонньууллар. Саха ост. I
Кырдьаҕас элиэ …… ордук мээчик курдук төкүнүҥнэһэр быыкайкаан чоппуускалары хараҕын далыттан букатын таһаарбат этэ. Далан. [Куралай Кустук] кэмчи хараҕын уулара хоппойон тахсыбыт иҥин уҥуохтарыгар иҥнэн, сата тыалга чөмчүүк оҕуруо курдук, төкүнүҥнэһэ сырыттылар. Д. Апросимов

үҥкүрүй

үҥкүрүй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Сиргэ сытан баран, эргичиҥнээн, төкүнүҥнээн сыҕарый. Кататься, перекатываться, валяться на чём-л.
Кыра уол сыарҕаҕа быардыы түһээт, үҥкүрүйэн тахсан олоруна оҕуста. Амма Аччыгыйа
Иннигэр — Үөскээбит сайылыга, Үҥкүрүйбүт күөх хонуута. С. Васильев. Ойуун түөрэх кэбиһэн баран, саһыгырыы-саһыгырыы, сиргэ үҥкүрүйэ сырытта. И. Федосеев
2. Туох эмэ устун төкүнүй, төкүнүйэн бар. Вращаясь, двигаться по какой-л. поверхности, катиться
Биир бөдөҥ таммах уу муннун төбөтүгэр үҥкүрүйэн кэлэн …… илиитин көхсүгэр мөл гына түстэ. Амма Аччыгыйа
Өлбөөдүйбүт кыһыҥҥы күн Үрдүк хайа кэтэҕэр Үҥкүрүйэн бытааннык тиийдэ. С. Васильев
Киэр эспит саата алаас диэки аллараа үҥкүрүйэн, сыыр ортотугар тиийэн, титириктэн иҥнибит. «ХС»
Күлгэ үҥкүрүйэн хаалла көр күл II
Дьэ, ол курдук эмискэ күлгэ үҥкүрүйэн хаалбыттар. Үҥкүрүйэн кэбис — төкүнүйэн кэбис диэн курдук көр төкүнүй. Мааска олус кыыһырдаҕына буоларыныы муннун пус гына тыаһаппыта, сиэппитигэр хаама барбатаҕа — үҥкүрүйэн кэбиспитэ. Далан
Туох буолан хаарыаннаах саҥа былааспытын утары барыахпыт буоллаҕай, [үрүҥнэргэ киирэртэн] олох үҥкүрүйэн кэбиспит. «ХС»
Үлэбиттэн үҥкүрүйэн кэбиспитим ый буолла. «Кыым»
ср. монг. өнхрөх ‘катиться, кататься; валяться; валиться, вываливаться’