даҕ.
1. Кимиэхэ эмэ биэрэргэ, бэлэхтииргэ анаан кэһиини ылбыт. ☉ Имеющий с собой гостинец
Куонаан арыгы кэһиилээх буолан, ыаллыы кэлэрэ буолуо. Н. Неустроев
2. көсп. Ханнык эмэ сонуну (үтүөнү, куһаҕаны) илдьэ кэлбит. ☉ Имеющий какие-л. новости
Үөрүү кэһиилээххин дуу, кутурҕан төргүүлээххин дуу? Суорун Омоллоон
Мин киниэхэ сонун кэпсээн кэһиилээхпин. А. Сыромятникова
Дашата, куолутунан, хараҕар минньигэс мичээр кэһиилээх тахсан кэллэ. М. Доҕордуурап