Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэһиилээх

даҕ.
1. Кимиэхэ эмэ биэрэргэ, бэлэхтииргэ анаан кэһиини ылбыт. Имеющий с собой гостинец
Куонаан арыгы кэһиилээх буолан, ыаллыы кэлэрэ буолуо. Н. Неустроев
2. көсп. Ханнык эмэ сонуну (үтүөнү, куһаҕаны) илдьэ кэлбит. Имеющий какие-л. новости
Үөрүү кэһиилээххин дуу, кутурҕан төргүүлээххин дуу? Суорун Омоллоон
Мин киниэхэ сонун кэпсээн кэһиилээхпин. А. Сыромятникова
Дашата, куолутунан, хараҕар минньигэс мичээр кэһиилээх тахсан кэллэ. М. Доҕордуурап


Еще переводы:

алаҥхарт

алаҥхарт (Якутский → Якутский)

алаҥхар диэнтэн дьаһ
туһ. Ыарҕаны, үөттэри хайа сах Алаҥхарда охсон кээспиккин. Бурдугу, отону буһаран Эн быйаҥ кэһиилээх кэлбиккин. Баал Хабырыыс

кэдэлдьий

кэдэлдьий (Якутский → Якутский)

кэдэй диэнтэн арыт
көстүү. Эдэр сылгы Кэдэлдьийэр сиһэ уйарынан Кэһиилээх курдук Тиэргэҥҥиттэн тэлэһийдим. Саха фольк. Ууруллубут далаһата кытаанах буолан кэдэлдьийбэт үһү. П. Ойуунускай

сакалаат

сакалаат (Якутский → Якутский)

аат. Итии какаоны саахары кытта булкуйан баран, кытаатыар диэри сойутуллубут минньигэс ас. Шоколад. Оҕо барыта сакалааты сөбүлүүр
Доҕорбор Костяҕа сакалаат, кэмпиэт кэһиилээх ыалдьыттыы сүүрдүм. Н. Габышев

сыһаахтыт

сыһаахтыт (Якутский → Якутский)

сыһаахтый диэнтэн дьаһ
туһ. [Муустаах акыйаан Өлүөнэҕэ] Сымара таас быарбын Сыһаахтытыаҥ эбитэ буоллар Муус долуо сүрэхпин Долгутуоҥ эбитэ буоллар — Киһи кэһиилээх кэлиэҥ этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй

кэпсэҕэй

кэпсэҕэй (Якутский → Якутский)

кэпсэнньэҥ диэн курдук
Ботоҥко ол курдук Ээчэкэтэ кэпсэҕэйин төттөрү эргитэн, кинээстээх аҕабыыт кыһарҕаннарыттан быыһанан хаалбыта. Далан
Кэпсэҕэйинэн аатырбыт «кэһиилээх» Клара, Кэнсэлээрийэҕэ киирээт, кэпсээбитинэн барар. Р. Баҕатаайыскай
Сорох дьоннор кэпсэҕэй буоламмыт, ол дьаллыкпытыттан бэйэбит эрэйдэнэбит. «ХС»

түһээхтээ

түһээхтээ (Якутский → Якутский)

түс I диэнтэн атаах. Сотору Сибиэтэ сүүрэн киирдэ, кыра эрдэҕинээҕитинии, кэлэн убайын кууһа түһээхтээтэ. Н. Лугинов
Төһө эмэ аһаан-сиэн туһаммыт дьон курдук буола түһээхтииллэр ээ. Эрилик Эристиин
Таһыттан киирээт, кэһиилээх суумкатын үрдүгэр түһээхтээбитэ. «Чолбон»

баадьаҥнаа

баадьаҥнаа (Якутский → Якутский)

баадьай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Син ыарырҕаппыт көрүҥнээхтик хааман баадьаҥнаан тиийдэ. Р. Кулаковскай
Атын улуус киһитэ дьиэ уҥа өттүн диэки хааман баадьаҥ-ныы турда. А. Сыромятникова
Саҥа хаа-ман баадьаҥныы сырыттахпына аҕам, биэдэрэ аҥаара арыгы кэһиилээх, Таат-таҕа бииргэ төрөөбүт убайбар, Ырыа Уйбааҥҥа, таһаарбыт. Р. Кулаковскай

доҕуһуолдьут

доҕуһуолдьут (Якутский → Якутский)

аат. 1.эргэр. Сиэри, туому толорооччуну арыаллыыр киһи; доҕуһуол. Прислуга; человек, сопровождающий устроителя обряда, церемонии
Аҕыс уон арыалдьыттаах, тоҕус уон доҕуһуолдьуттаах, кэннигэр кэһиилээх баар үһү (тааб.: муҥха, муҥхаҕа мустубут дьон). [Чупчуруйдаан] Тутатына, сол онно Доҕуһуолдьут кулуттарын - Тоҕус палач дьоннорун Толугуркаан сүрэхтэрин Торуосканан дьөлө кэйэн, Чокуйталаан кэбиспитэ. Эллэй
2. муус. Ырыаны, оонньууну муусуканан арыаллааччы. Аккомпаниатор. Ырыаһыт доҕуһуолдьута үчүгэйдик оонньуур

куму-дьими

куму-дьими (Якутский → Якутский)

сыһ. Сэрэнэ соҕус, куттаммыттыы, кумуччу туттан. Настороженно, с опаской, скованно
Араас сурахтар кэлэллэрэ үксээн, нэһилиэнньэ [бандьыыттартан] дьиксинэр, кумудьими туттар буолла. Д. Токоосоп
[Дьоммут] туох эмэ астаах, кэһиилээх кэлиэхтэрэ. Туга да суох буолан, көҕүс түһэн, куму-дьими туттан киириилэрэ диэн эмиэ баара. С. Федотов
Бастакы сэкирэтээр кэбиниэтигэр сэрэнэ соҕус, куму-дьими туттан киирэн кэлэбин. Айталын

күтүрдүк

күтүрдүк (Якутский → Якутский)

сыһ., кэпс. Олус, наһаа; улаханнык. Очень, весьма; сильно
«Атаспар, доҕорбор аччыгый да буоллар кэһиилээхпин», — диэбитигэр тойон, хотун күтүрдүк сөбүлээн, үөрэн-көтөн остуол кытыытыгар олороннор, арыгыттан иһэн барбыттар. Саха фольк. Ону эн, Күн улуустарын Көмүскүүбүн дии-дии, Күүгүнээн-көбүөхтээн, Күтүрдүк да өһүргэттиҥ, Үөдэн Үрүйэтэ! Өксөкүлээх Өлөксөй
Аллараа диэки, киһи саҥата, Амырыын күтүрдүк күһүгүрэччи күллэ. ТТИГ КХКК