туохт. сыһыан т. Этиллэр санаа чахчы, халбаҥа суох оннук диэн, истээччигэ экчи бигэргэтэн этиини көрдөрөр. ☉ Выражает категоричное уверение говорящего в истинности высказываемой им мысли
Бу сээбэстэрбэр, саараама, төрүт, туох да киирбэт. Суорун Омоллоон
Эргэ олоҕу билбэт буоллаххына, саараама, саҥа олоҕу билиэҥ суоҕа. И. Никифоров
Эн бырайыаккынан, бирикээс да ыллахпына, саараама, тутуом суоҕа. А. Сыромятникова
Саараама, ханна да ыытыам суоҕа! «ХС»