даҕ. Ыарахан буруйу оҥорууга киирэр, онно сыһыаннаах. ☉ Относящийся к преступлениям против жизни и имущества, уголовный. Холуобунай дьыала. Холуобунай эппиэтинэс
□ Тугу эмэ сымыйанан эттэххинэ эбэтэр билэргин, көрдөрбөккө кистээн хааллаххына — холуобунай дьыалаҕа түбэһиэҥ. Күннүк Уурастыырап
Улахан итэҕэстээһини оҥорууга сокуон баар, онон кинилэр холуобунай накаастабыл миэрэтигэр түбэспиттэрэ. М. Попов
Арыгылааһынтан баһаам элбэх үлэ бириэмэтэ сүтэрэ, холуобунай буруйу оҥоруу түбэлтэтэ тахсара. ПА